Сунтаар — Устье хайысханан 4 туоннаҕа диэри ыйааһыннаах тырааныспардарга Бүлүү эбэни туоруур муус суола арылынна, СИА суруйар.
Сунтаар — Устье хайысханан муус суолу арыйыы туһунан дьаһалга бүгүн, сэтинньи 16 күнүгэр, Сунтаар улууһун баһылыга Анатолий Григорьев илии баттаата.
«Сунтаар улууһун тэрилтэлэрин үлэлэригэр хааччаҕа суох тиэйиини-таһыыны тэрийэр сыалтан, Бүлүү эбэ мууһа халыҥаабытынан, Сунтаар — Устье хайысханан быстах кэмҥэ муус суолу арыйар туһунан дьаһал таһаарабын», — диэн суруллар докумуоҥҥа.
This post was published on 16.11.2020 15:02 15:02