Ил Дархан Айсен Николаев кулун тутар 12 күнүгэр видеоконференция эрэһииминэн 12 социальнай эбийиэк үлэтин саҕалыырыгар старт биэрдэ. Ол иһигэр икки уунан хааччыйар эбийиэк «Жилье и городская среда» национальнай бырайыак чэрчитинэн «Ыраас уу» бырагырааманан Сунтаар уонна Амма сэлиэнньэлэригэр үлэлэрэ саҕаланна.
ЯСИА иһитиннэрбитинэн, Саха сирин баһылыга «Ыраас уу» федеральнайдааҕы бырагыраама дьон олоҕун хаачыстыбата тупсарыгар олус суолталаахтар.
«Дьону ыраас иһэр уунан хааччыйыы судаарыстыба соруктарыттан биирдэстэринэн буолар. Президент Владимир Владимирович Путин Федеральнай мунньахха бу бырагыраама салҕанарын туһунан эппитэ. Ол аата ыраас ууну иһэр нэһилиэнньэ ахсаана элбээн иһиэҕэ. Олох хаачыстыбата үрдүөҕэ», – диэтэ кини.
Сиһилии: https://ysia.ru/v-suntarskom-i-amginskom-rajonah-yakutii-zapushheny-obekty-vodosnabzheniya/
This post was published on 13.03.2024 10:31 10:31