Быйыл өрөспүүбүлүкэбитигэр нэһилиэнньэлээх пууннары тупсарыы сыла биллэриллэн, ол чэрчитинэн элбэх үлэ барар. Ол курдук сыл саҕаланыыта СӨ Олорор дьиэ коммунальнай хаһаайыстыбатын уонна энергетика минис-тиэристибэтэ нэһилиэнньэлээх пууннары тупсарыы дьаһалларын толорууга куонкурус ыыппытын түмүгэр 100 муниципальнай тэриллии 4,5 мөл. солк. кээмэйдээх субсидияны ылбыта. Сунтаар улууһуттан субсидияҕа 9 нэһилиэк (Сиэйэ, Түбэй, Күүкэй, Кэмпэндээйи, Күндэйэ, Элгээйи, Бордоҥ, Аллыҥа, Дьаархан) тиксибитэ.
Тустаах үп нэһилиэнньэни киэргэтиигэ, тупсарыыга ананыахтааҕа. Билиҥҥи туругунан тупсарыы үлэтэ нэһилиэктэргэ күүскэ барар. Сүрүннээн үлэ муниципальнай суоллары оҥорууга, оҕо оонньуур былаһааккатыгар, уулуссаны сырдатыыга, үүнээйини олордууга, көҕөрдүүгэ уо.д.а. барбыт.
Миэстэтигэр тиийэн үлэ түмүгүн, инники былааннар тустарынан билсэр быдан ордук. Ол курдук ааспыт нэдиэлэ сэрэдэтигэр улуус баһылыгын бастакы солбуйааччы Андрей Никитин, улуус дьаһалтатын бырамыысыланнаска отделын саҥа начаалынньыга Гаврил Черепанов, улуустааҕы административнай хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ Лилия Уларова уонна мин буолан Сиэйэ, Күүкэй нэһилиэктэригэр сылдьан балаһыанньаны билистибит. Сорукпут тупсарыыга туох-ханнык үлэ барбытын билсии.
Сиэйэлэр субсидия үбүн нэһилиэк суолун оҥорууга туттар былааннаахтар. Ону таһынан оҕо былаһаакката тутуллуохтаах. Нэһилиэги кэрийэ сылдьан төһө ыраастык олороллорун көрдүбүт. Хас да ыал тиэргэннэрин таһыгар тиэхиньикэлэрин, араас тимир оҥоһуктары, тутууга туттуллар бэрэбинэлэри, дуоскалары сытыараллар эбит. Дьиҥэр, дьиэлээх хаһаайыннар итини барытын тиэргэннэрин иһигэр чөкөтө ууруохтаахтар этэ. Ордук ыһыллан-тоҕул-лан олорор икки ыалга административнай боротокуол толорулунна. Кинилэр дьыалалара хамыыһыйаҕа көрүллүөҕэ. Буруйдаахтар административнай миэрэҕэ тардыллан, ыстараап төлүөхтэрэ.
Маны таһынан Сиэйэҕэ тупсаҕай оҥоһуулаах дьиэлэр бааллар. Тиэргэннэригэр араас үүнээйини олордор ыаллар эмиэ элбэхтэр. Ол курдук Максимовтар дьиэ кэргэн сэдэх үүнээйилэри олордоллор эбит. Анал куонкурустарга кыттан, бириистээх миэстэҕэ тиксэллэрэ үгүс. Кинилэр курдук ыал элбииригэр олохтоох былаас күүскэ үлэлиэхтээх. Дьиҥэр дьоҥҥо фантазия баар ээ, кыах эрэ биэриэххэ наада.
Күүкэй нэһилиэгэ улууска биир саамай тупсаҕай оҥоһуулааҕынан биллэр. Ыаллар үгүстэрэ тупсаҕай оҥоһуулаах дьиэҕэ олороллор. Куораттан туох да итэҕэһэ суох усулуобуйаҕа. Бу сайын суолларын оҥостубуттар. Билигин нэһилиэк устуоруйатыгар анаммыт сквери оҥоро сылдьаллар. Аҕыйах хонугунан бүтэриэхтэрэ. Өссө биири сэргии иһиттибит. Ол курдук быйыл 11 саҥа дьиэ тутуллан киирээри сылдьар. Сэттэ дьиэ көҥкөлөйө турбут. Бу улууска биир саамай улахан көрдөрүү. Ити аата Күүкэйгэ дьон сөбүлээн олохсуйар эбит.
Нэһилиэги кэрийэн көрүү түмүгүнэн үс ыалга боротокуол туолар буолла. Хаһаайыннар биһиги сылдьар кэммитигэр суохтара. Ким Сунтаарга киирбит, ким отугар, ким сир аһыгар сылдьар этилэр. Кинилэр эмиэ тиэргэннэрин тас өттүгэр араас тимири, тиэхиньикэни, оту-маһы быраҕан сытыараллара. Административнай хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ Лилия Уларова бастаан манна сылдьалларыгар олох атын хартыына этэ, билигин нэһилиэк лаппа ырааһырбыт диэтэ.
Мантан инньэ атын да нэһилиэктэргэ сырыылар салҕанан барыахтара. Онон олохтоохтор тиэргэннэрин таһын ыраастык тутта сылдьаллара наада. Ол бэйэлэригэр да үчүгэй буолуо этэ.
This post was published on 08.09.2016 10:20 10:20