Сунтаар улууһун баһылыга Анатолий Григорьев нэһилиэктэр үлэлэрин билистэ

OLYMPUS DIGITAL CAMERA

Улуус баһылыга Анатолий Григорьев тутаах управлениелар салайааччыларын кытта хас да нэһилиэккэ сылдьан, баар балаһыанньаны билсэн кэллэ. Сүрүннээн тыа хаһаайыстыбатынан дьарыгырар тэриллиилээх хаһаайыстыбалар кыстыгы хайдах туруктаах туораан эрэллэрин интэриэһиргээтэ.


Бастакы нэһилиэкпитинэн Түбэй Дьаархан буолла. Быйыл нэһилиэккэ 50 миэстэлээх оҕо уһуйаанын тутуута саҕаланыахтаах. Билигин үлэлии олорор дьиэлэрэ эргэ буолан, элбэх кыһалҕаны көрсөллөр эбит. Уопсайынан, билиҥҥи ирдэбилгэ сөп түбэспэт объект. Билиҥҥитэ сорох тутуу матырыйаала (блоктар, сиэмэнтэн сорҕото) кыһыҥҥы суолу баттаһа, миэстэтигэр тириэрдиллибит. Сорох матырыйааллара аны сайын өрүһүнэн кэлиэхтээх. Тутуу барыахтаах сирэ быһаарыллыбыт.

Салгыы «Түбэй Дьаархан» ПК үлэтин-хамнаһын кытары билистибит. Салайааччылара Семен Федоров эдэр киһи. Кыстыгы этэҥҥэ туораан эрэллэр эбит. Ынах төрүөҕэ саҕаламмыт. Хаһаайыстыба салайааччыта баар кыһалҕалары сэргэ, онтон тахсар суоллары ыйда. Бэйэтин санаатын эттэ. Ол курдук, Семен Борисович сүөһү ахсаанын элбэтэргэ, улууспутугар бу хаһыс да сылын үлэлии турар «Үйэлээх ынах» бырагыраама чэрчитинэн бу күһүн 20 сүөһүнү, сүрүннээн тыһылары ылар былааннаах. Уруккута маннык уопут баар. Аллыҥаттан сүөһүлэри «уларсык» ыла сылдьыбыттар эбит. Түмүгэр улуус баһылыгыттан төһө кыалларынан көмөлөһөргүт буоллар, атахпытыгар бигэтик туруо этибит диэн санаатын эттэ. Онтун «үлэлиир баҕа баар» диэн чиҥэтэн биэрдэ.

Түмүгэр Анатолий Григорьев үчүгэй сонуну иһитиннэрдэ. Ол курдук быйыл осеменатордар нэһилиэн-ньэҕэ өҥөнү босхо оҥоруохтара. Ити барыта дойдубутугар экэнэмиичэскэй кириисис буолбутун кытта сибээстээх. Ситэриилээх былаас отчуотун кэмигэр осеменатордар өҥөлөрө аһара ыараханын туһунан хас да нэһилиэккэ эппиттэрэ.

Күүкэй. Нэһилиэккэ ынах сүөһүнү иитинэн икки тэриллиилээх хаһаайыстыба уутуйан дьарыктанар. Ол курдук бырааттыы Авдей уонна Данил Федоровтар бу кыстыкка хас биирдиилэрэ саҥа хотону туттан, үлэлэрин саҥалыы тыыннаабыттара. Сүөһүлэрэ этэҥҥэ тураллар. Кыстыгы туоруур отторо баар.

Тумул. Манна «Кириэстээх» ТХПК 100-кэ калмык боруода сүөһүлэрэ иитиллэн тураллар. Анал хотон тутуллан киирбитэ. Быйыл иккис кыстааһыннара. Сүөһүлэри биир киһи көрөр-истэр. Билигин манна Петр Егоров үлэлии-хамсыы сылдьар. Кини этэринэн, сүөһү үлэтигэр эдэр дьон ортотугар үлэлиэн баҕалаах суох. Кини бэйэтэ Тумулга олорор буолан, хамнаһа кыра да буоллар, үлэлии сылдьар эбит. Маннык үлэлиир дьоҥҥо тыа хаһаайыстыбатын управлениетын өттүттэн көмө оҥоһуллуон наадата өйдөнөр. Петр билигин дьонун дьиэлэригэр олорор. Итини учуоттаан тыа хаһаайыстыбатын управлениетын начальнига Иван Тихонов дьиэ туттарыгар субсидиянан туһаныаххын сөп диэн сүбэлээтэ. Ханнык докумуоннар наадаларын ыйан-кэрдэн, сүбэлээн биэрдэ. Сүөһүлэр туруктара көрүүгэ ортоһуор.

Элгээйи. Миэстэтигэр тиийэн Прокопий Акимов салайар Элгээйитээҕи эт-үүт кэмбинээтин уонна Иван Александров салайар «Элгээйи» ПК үлэлэрин-хамнастарын кытта билистибит. Кэмбинээт сүрүн дьарыга нэһилиэнньэттэн үүтү тутуу эбит. Инникитин сайдар былаан баар. Ол курдук Прокопий Степанович нэһилиэк кытыытыгар турар, уруккута буойуна буолан турбут объегы көрдөрдө. Син сэнэх турар. Инникитин буойуна буолуон сөп диэн бигэ санаалаах. Бары билэргит курдук, аҕыйах сылтан бэттэх эккэ технологическай регламент киирбитэ. Нэһилиэнньэ туттарар этэ буойунанан ааһыахтаах. Онно үлэ улууспутугар бара турар.

«Элгээйи» ПК сүрүннээн оҕуруот аһын үүннэриинэн, батарыынан дьарыктанар. Эмиэ нэһилиэк кытыытыгар, урукку АЗС-тан чугас сиргэ оҕуруот аһын харайар тутуулаахтар (овощехранилище). Бу объект аҕыйах сыллааҕыта үлэҕэ киирбитэ. Объегы сыста теплица үлэлии турарыгар сырыттыбыт. Рассаадалар тахсан эрэллэр. Мантан сүүсчэкэ миэтэрэлээх сиргэ тутуу биригээдэтэ кыһыҥҥы теплицаны тута сылдьарыгар тиийэн кэпсэттибит. Үксэ бэйэлэрин дьоно. Аҕыйах кэминэн тутууну бүтэриэхпит дэһэллэр. Уопсайынан тэрилтэ салайааччыта Иван Александров санаата күүстээх. Ол курдук бу эргин хас да теплицаны тутар былааннааҕын эттэ. Ону ааһан Элгээйигэ агрокварталы тутар санаалаах. Ону ситиһэр инниттэн анал федеральнай бырагыраамаҕа киирсэ сылдьар. Бары көмөлөөн туруннахпытына үгүһү ситиһиэхпит диэн бигэ эрэллээх. Улуус баһылыга кинилэр үлэлэрин биһирээтэ.

III Бордоҥ. Элгээйиттэн добуочча тэйиччи сытар учаастак. Өрүс туорааһыннаах. Манна Василий Львов салайааччылаах «Түбэ» бааһынай хаһаайыстыбата 60-ча саха боруода сүөһүтүн иитэн туруорар. Былырыын күһүн саҥа хотону тутан киллэрбиттэрэ. Хотон иһэ сырдык, ыраас. Онно саҥардыы төрөөбүт ынаҕы кытта 9 тарбыйах эрэ баара. Атыттар таһырдьа мэччийэ сылдьаллара. Манна икки үлэһит баар. Кинилэри таһынан өссө 3 сылгыһыт миэстэтигэр олорон эрэ үлэлииллэр. Киэһэтин, түүнүн күн батареятын суотугар сырдатынан олороллор. Онон үлэлииргэ бары усулуобуйа баар эбит диэн көрдүбүт.

Күндэйэ. Розалия Иванова салайар «Сырдык аартык» кооператива уруккуттан даҕаны үчүгэй үлэлээҕинэн биллэр. 2-3 сыллааҕыта тутуллан үлэҕэ киирбит икки хотоҥҥо сырыттыбыт. Хотон иһэ кыра сииктээх эбит. Ону тутуу кэмигэр технологическай сыыһа-халты тахсыбыт буолуон сөп диэн быһаардылар.

Хайгыы көрбүппүт диэн үгүс эр дьон үлэлиир. Киэһээҥҥи ыам саҕана түбэспиппит. Ыанньыксыттар илиилэринэн ыы олороллоро. Төрүөх кэмэ буолан, элбэх ынах ыанарын туһунан эттилэр. Биир тылынан эттэххэ, үлэ-хамнас күөстүү оргуйар.

This post was published on 15.04.2016 11:27 11:27