Сунтаар улууһугар от үлэтэ үгэннээн турар

Отчуттар үчүгэй күннэри баттаһа бары күүһү окко ууран тураллар. Улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын начаалынньыга Владимир Анисимовтан от үлэтэ хайдах бара турарый диэн ыйыталастыбыт.

— Окко 1144 тиэхиньикэ, 4127 дьон үлэлии сылдьар, 925 звено баар. Билигин 20.180 га сир охсуллан турар, 18.676.5 тонна от кээһиллэн бэлэм. Бу барыта оппут 55% буолар. Түбэй Дьаархан, Сиэйэ, Күүкэй нэһилиэктэригэр аһыыка оту сиэн кэккэ ыарахаттары көрүстүлэр. Итиэннэ Кириэстээх, Хадан өттүгэр эмиэ аһыҥка сиэн эрэр диэн биллэрбиттэрэ.

Эһиилги өттүгэр бу аһыҥканы эмтээһиҥҥэ тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин кытта үлэ бара турар.

Быйыл элбэх ардах түһэн үгүс нэһилиэктэргэ ууга барыы эмиэ баар. Охсубут отторо элбэх сиргэ былдьанна, диэн Владимир Анисимов иһитиннэрэр.

Валентина Архипова

Сунтаар сонуннара

This post was published on 15.08.2022 13:03 13:03