Бүгүн ыам ыйын 24 күнүгэр сарсыарда Сунтаар улууһун сиригэр-уотугар биир ойуур баһаара бэлиэтэннэ. Быһылаан миэстэтигэр оперативнай бөлөх уоту умуруора таҕыста. Бу туһунан өрөспүүбүлүкэ экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна тыатын хаһаайыстыбатыгар миниистрин солбуйааччы Андрей Коноплев иһитиннэрдэ, диэн СИА кэпсиир.
«Кэнники сууккаҕа авиационнай мониторинг ыыта сылдьан Сунтаар улууһун сиригэр-уотугар биир ойуур баһаарын буллулар. Баһаар миэстэтигэр сэттэ киһилээх парашютистар оперативнай бөлөхтөрө ыытылынна. Сиринэн тоҕус «Якутслесресурс» үлэһитэ уонна үс тиэхиникэ барда», — диэн Коноплев иһитиннэрдэ.
Оптуорунньук күн 22:00 чааска 3,5 гектар иэннээх баһаары тохтоттулар. Бүгүн эбиэккэ диэр уоту олоччу умуллараллара күүтүллэр.
«Баһаарынай сезон саҕаланыаҕыттан Саха сиригэр уопсайа 33 гектар иэннээх сиргэ аҕыс ойуур баһаара уонна 34 ландшафтнай баһаар бэлиэтэннэ», — диэн Андрей Коноплев бэлиэтээтэ.
This post was published on 24.05.2023 11:03 11:03