Сунтаар улууһугар эр киһи Бүлүү өрүскэ сөтүөлүү сылдьан суорума суолланна

Бүлүү өрүстэн эр киһи өлүгүн буллулар. Бу туһунан атырдьах ыйын 11 күнүгэр Саха сирин прокуратурата  иһитиннэрдэ.

1978 сыл төрүөх эр киһи Сиэйэ нэһилиэк таһыгар сөтүөлүү сылдьан ууга былдьаммыт.

Санатан эттэххэ, атырдьах ыйын 7 күнүн түүн Таатта үрэхтэн биэс саастаах кыыс өлүгүн булбуттара.

This post was published on 11.08.2023 10:15 10:15