Хапсаҕайга Саха сирин чемпионатын уопсай түмүгүн хаһаайына Сунтаар улууһун хамаандата буолла. Күрэхтэһии бу өрөбүллэргэ Дьокуускайга түмүктэннэ. Өрөспүүбүлүкэ абсолютнай чемпионнарын аатын Сунтаар улууһуттан Айсен Килибеев уонна Намтан Сергей Семенов ыллылар, диэн СИА кэпсиир.
Өрөспүүбүлүкэ бары улуустарыттан 300-тэн тахса спортсмен «Модун» спортивнай комплекска күрэхтэстэ. Ыйааһыннарынан эр дьоҥҥо өрөспүүбүлүкэ чемпионнарын аатын Томпо улууһуттан Юрий Сыромятников (57 кг), Кэбээйиттэн Айсен Поскачин (65 кг), Мэҥэ Хаҥаластан Константин Власов (75 кг), Сунтаартан Револий Самсонов (85 кг), Үөһээ Бүлүүттэн Николай Николаев (95 кг), Уус Алдантан Евгений Алексеев (95 кг) ыллылар.
Ветераннар ортолоругар Хаҥалас улууһуттан Илья Трофимов (60 кг), Таатта улууһуттан Николай Иванов (70 кг), Хаҥаластан Прокопий Петров (80 кг), Орто Халыматтан Дмитрий Шадрин (90 кг) уонна Намтан Александр Румин (90 кг үөһэ) бастаатылар.
Саамай элбэх очукуону Сунтаар улууһун бэрэстэбиитэллэрэ ситистилэр, уонна уопсай зачекка кубок хаһаайыннарынан буоллулар. Иккис миэстэни Үөһээ Бүлүү улууһун тустууктара ыллылар, үһүс миэстэҕэ Мэҥэ Хаҥалас улууһун хамаандата таҕыста.