«Сунтаар сонуннара» хаһыат бирииһигэр

Кыайыы өрөгөйдөөх күнүгэр «Сунтаар сонуннара» хаһыаппыт бирииһигэр сүүрүү күрэҕэ ыытылынна. Бу күрэхтэһии сылын аайы ыытыллар үгэскэ кубулуйбута хас да сыл буолла. Ону сэргэ аҕа саастаах дьон кыраккыыга бастыыр иһин күрэхтэстилэр.


Тэрээһин саҕаланыытын үөрүүлээх чааһыгар успуорт бэтэрээнэ, “Чэбдик” кулууп салайааччыта Варвара Макарова-Сүүрүк Балбаара маассабай успуорду, чөл олоҕу пропагандалааччы Карина Ордаховаҕа СӨ маассабай успуорка управлениетын салайааччыта Николай Цыпандин илии баттааһыннаах Махтал суругун туттарда.

Бастаан 1500 миэтэрэлээх кроска сүүрдүлэр. 16 саастарыгар диэри кыргыттарга Осипова Вера бастакы миэстэни ылла. Кини кэнниттэн Черноградская Виолетта биэтэккэ кэлэн иккис, Осипова Надя үһүс миэстэлэргэ тигистилэр. Уолаттарга Тойбохойтон сылдьар Михайлов Юрий кыайыылаах буолла. Уон алта сөкүүндэнэн хаалан, эдэр сүүрүк Платонов Валентин иккис кэллэ. Үһүс бочуоттаах миэстэҕэ эмиэ Тойбохой уола Тихонов Саша тигистэ.

Бу дистанцияҕа 16 саастарыттан үөһэ кыргыттарга Яковлева Альмира биэтэккэ эрэллээхтик бастакы кэллэ. Үрүҥ көмүс мэтээли Алексеева Алина, боруонса мэтээли Акимова Алина кэттилэр. Эр дьоҥҥо Кривошапкин Влад иннигэр кими даҕаны киллэрбэккэ сүүрэн, бастакы миэстэ буолла. Иккиэн иннигэр сырсан иһэр киһилэриттэн сүүрбэччэлии сөкүүндэ хаалан, биэтэккэ иккис Петров Семен, үһүс Николаев Филипп кэллилэр. Эдэр оҕолору кытары тэбис-тэҥҥэ сырсан, бэйэтин саастыылаахтарыгар тэҥнээҕин булбат Виссарион Спиров өссө даҕаны буораҕа баарын көрдөрдө. Виссарион сылын аайы «муус хаайар» диэн сылтахтаммакка, Хадантан киирэн сүүрэрэ эдэр спортсменнарга үтүө холобур буолар.

Үс бириистээх миэстэҕэ тиксибит сүүрүктэргэ барыларыгар мэтээл, грамота, «Сунтаар сонуннара» хаһыакка 2016 сыл иккис аҥаарыгар босхо сурутуу купона туттарылынна. Маннык купону оҕолору кытары тэҥҥэ сүүрбүт Светлана Петрова уонна Виссарион Спиров анал бириис быһыытынан туттулар.

Эстафетаҕа уопсайа сэттэ араас тэрилтэ үлэһиттэрин хамаандалара кытынна. Сэрэбиэй көмөтүнэн быһааран, бастаан түөрт, онтон үс хамаанда бириэмэҕэ сүүрдүлэр. Ол курдук, Олимпийскай эрэллэри бэлэмниир оскуола үлэһиттэрин хамаандата бастаата. Иккис миэстэни быйыл 100 сылын үбүлүөйдүүр киин балыыһа хамаандата ылла. «Чебурашка» оҕо саадын хамаандата үһүс буолла. Бу үс кыайбыт хамаанда грамотанан, хас биирдии быһыйдара мэтээлинэн наҕараадаланнылар. Бастакы миэстэни ылбыт хамаанда сүүрүктэригэр хаһыакка босхо сурутуу купона туттарылынна. Атын хамаандалар «бэйи, эһиил эрэ буоллун, өссө дьарыктанан, эрчиллэн кэлиэхпит» дэһэллэр. Улуус дьаһалтатын, киин балыыһа, улуустааҕы социальнай управление хамаандалара биир формалаахтара кэ-рэхсэбиллээх көстүү.

Эстафета кэмигэр ыытыллыбыт аҕа саастаах дьон кыраккыыга бастыыр иһин күрэхтэригэр 15 киһи кытынна. Михаил Кириллин бастакы, Ким Павлов иккис, Егор Саввинов үһүс миэстэлэргэ тигистилэр.

Түмүгэр эстафета кыттыылаахтара бу күрэх сылтан сыл аайы сайдан иһэрин бэлиэтээн туран, редакция кэлэктиибигэр махталларын биллэрдилэр. Эһиил өссө саҥаны киллэрэргэ, кубоктыырга баҕа санааларын эттилэр.

This post was published on 13.05.2016 12:14 12:14