Сунтаар сэлиэнньэтин баһылыга "Боотур" этэрээккэ киирсэн СВО-ҕа барда

Хаартыска: ЯСИА саайта

Сунтаар сэлиэнньэтин баһылыга 41 саастаах Эдуард Филиппов СВО-ҕа баҕа өттүнэн алта ыйга барда. Ол туһунан ЯСИА-ҕа Сунтаар улууһун баһылыга Анатолий Григорьев иһитиннэрдэ.
«Сунтаар сэлиэнньэтин баһылыга Эдуард Филиппов анал байыаннай дьайыы буола турар сиригэр баҕа өттүнэн тылланан бэҕэһээ барда. «Боотур» этэрээккэ киирдэ. Баһылык эбээһинэһин толорооччунан баһылык солбуйааччыта Семен Николаев үлэлии хаалла. Сулууспата 6 ый болдьохтоох», — ЯСИА-ҕа Анатолий Григорьев эттэ.

This post was published on 23.10.2024 15:02 15:02