Бэҕэһээ, тохсунньу 28 күнүгэр, Сунтаар сэлиэнньэтигэр дьулаан быһылаан таҕыста — итирик аҕа 10 ыйдаах оҕотун иккис этээстэн быраҕан, улаханнык эчэттэ. Оҕо туруга ыарахан. Силиэстийэ барар.
РФ Силиэстийэлиир кэмитиэтин Саха сиринээҕи управлениета иһитиннэрбитинэн, бу чахчынан РФ Холуобунай кодексатын 105-с ыст. 2-с чааһын «в» пуунунан — 30-с ыст. 3-с чааһынан холуобунай дьыала тэриллибит. Ол эбэтэр, бэйэтин көмүскэнэр кыаҕа суоҕа көстөн турар кыра саастаах киһини өлөрөргө суудайыы бэлиэтэ баарынан.
Силиэстийэ сабаҕалыырынан, тохсунньу 28 күнүгэр, 00 чаастан 01 чаас 50 мүн. бириэмэ иһигэр 24 саастаах киһи итирик сылдьан, 2017 сыллаах төрүөх оҕото улаханнык ытаа да ытаа буоларын тулуйбакка уонна утуйарыгар мэһэйдэтэн, ньиэрбинэйдээн баран, оҕону оронуттан ылан, хостон тахсан, иккис этээс кирилиэһиттэн маҥнайгы этээскэ бырахпыт. Ол түмүгэр, оҕо эрэйдээх төбөтүгэр улахан эчэйиилэри ылбыт.
Оҕотун ситэри сиэҕин, ийэтэ түбэһэ кэлэн, «суһал көмөнү» ыҥырбыт. Уолчааны Сунтаар киин балыыһатын реанимация салаатыгар киллэрбиттэр. Туруга ыарахан. СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн, оҕо туруга арыый бэттэх кэллэр, тута Дьокуускайга аҕалыахтаахтар.
Бу аҕа буолуохсут урут киһини өлөрөрүнэн суоһурҕанан (РФ ХК 119-с ыст. 1 чааһынан), сууттана сылдьыбыт эбит. Бүгүн суукка кинини силиэстийэ кэмигэр Дьокуускайдааҕы Силиэстийэлиир изоляторга хаайар туһунан боппуруос көрүллэр.
Санатар буоллахха, маныаха маарынныыр быһылаан Дьокуускай куоракка былырыын күһүн буолбута: 50 саастаах дьахтар арыгылыы олорон, билэр дьахтарын кыра оҕотун түннүгүнэн бырахпыта. Дьолго, оҕо эмсэҕэлээбэтэҕэ. Билигин бу дьыала силиэстийэлэнэ сылдьар.
This post was published on 29.01.2018 12:15 12:15