Томусукаан күөл чугаһыгар экологтар сквердара тутуллуоҕа. Экология миниистирэ Сахамин Афанасьев Сунтаар улууһугар командировкатын кэмигэр киин нэһилиэк баһылыга Эдуард Филипповтыын кэпсэттэ. Өрүттэр маны сэргэ сир боппуруоһун дьүүллэстилэр, эбийиэктэри көрдүлэр.
Томусукаан күөл чугаһыгар экологтар сквердарын тутарга өрүттэр быһаардылар. Эдуард Филипповка скверы тутууга кэтээн көрөр хамыыһыйаны тэрийэригэр, былаһаакканы бэлэмнииригэр, бырайыактыыр-сметалыыр докумуонун оҥортороругар эттилэр.
Сахамин Афанасьев маны сэргэ «ойуур пуондатын сирэ» диэн категориялаах нэһилиэк чэрчитигэр баар сир учаастактарын үстэн элбэх оҕолоох ыалларга «тус хаһаайыстыбаны тэрийиигэ (ЛПХ)» диэн категорияҕа көһөрөн биэртэлииллэригэр эттэ.
Миниистир кытаанах бөҕү уурар сири көрдө, Сунтаар сэлиэнньэтигэр тутулла турар уу ыраастыыр ыстаансыйа үлэтин билистэ.
This post was published on 12.03.2021 18:01 18:01