Сунтаар сэлиэнньэтигэр «Демография» нацбырайыагынан дьыссаат тутуллар

Ил Дархан Айсен Николаев Сунтаар улууһугар оробуочай сырыытын кэмигэр оройуон киинигэр «Демография» национальнай уонна «Дьахтар дьарыктаах буолуута — 3 сааһыгар диэри оҕоҕо оскуола иннинээҕи үөрэхтээһин усулуобуйатын тэрийии» федеральнайдааҕы бырыйыактарынан тутулла турар дьыссаакка сырытта. Ол туһунан өрөспүүбүлүкэ сүрүн пресс-сулууспата иһитиннэрэр.


Сунтаар сэлиэнньэтигэр тутуллар үс этээстээх эбийиэк федеральнайдааҕы, өрөспүүбүлүкэтээҕи уонна муниципальнай бюджеттар суоттарыгар дьэндэйэр.

Коронавирус пандемиятынан сибээстээн хааччахтыыр миэрэлэр киирэннэр, кыраапыктан кыра хаалыы баар. Ити эрээри тутааччылар сүтэрбит бириэмэлэрин ситиһиннэрэрдии ылсан үлэлииллэр, былаан быһыытынан 2020 сыл бүтүүтүгэр эбийиэк үлэҕэ киириэхтээх. Бэдэрээччиктэргэ устудьуоннар тутар этэрээттэрин сэттэ байыаһа көмөлөһөр.

Айсен Николаев тутууну көрөн баран, үлэни болдьоммут кэмигэр түмүктүүрү уонна туттарары сорудахтаата.

This post was published on 22.09.2020 14:01 14:01