Сунтаар оройуонугар эр киһи балыктыы сылдьан ууга былдьанна

Сунтаар оройуонугар эр киһи балыктыы сылдьан ууга былдьанна. Бу туһунан Саха сирин прокуратурата иһитиннэрэр.

1980 сыллаах эр киһи Бүлүү өрүскэ суорума суолланна. Биэдэмистибэ биллэрбитинэн, кини өлүгүн Тэҥкэ нэһилиэктэн 5 км тэйиччи сиргэ буллулар.

Санатан эттэххэ, ааспыт нэдиэлэҕэ Үөһээ Бүлүү оройуонун Балаҕаннаах нэһилиэгиттэн 8 км тэйиччи сиргэ мотуордаах оҥочо ууга тимирбитэ. Оҥочоҕо биэс эр киһи олорбутуттан, үһэ быыһаммыта.

This post was published on 18.09.2023 09:35 09:35