Сунтаар олохтооҕо көҥүлэ суох тыаны кэрдибитин иһин болдьох ылла

Улахан кээмэйдээх ойуур тыатын сокуоннайа суох кэрдибитин иһин, Сунтаар оройуонун олохтооҕор түөрт сыл болдьохтоох көҥүлүн быстылар, онтон үс аҥаар сыла кэтэбиллээх буолуоҕа, диэн регион прокуратуратын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

Буруйдаах киһи 2022 с. муус устар ыйга Сунтаар сиригэр-уотугар көҥүлэ суох тииттэри кэрдибит. РФ тыатын хаһаайыстыбатын пуондатыгар хоромньута 175 тыһыынчаттан тахса солкуобай буолла.

Силиэстийэ хаамыытыгар эр киһи 100 тыһыынча солкуобайдаах хоромньутун төннөрбүт. Суут хаалбыт 75 тыһыынчаттан тахса суумалаах хоромньуну төлүүрүгэр уураах таһаарбыт.

Суут быһаарыыта сокуоннай күүһүгэр киирэ илик.

This post was published on 28.07.2022 16:15 16:15