Ньурба оройуонун киин уонна ыраах сытар нэһилиэктэрин олохтоохторо олох-дьаһах коммунальнай хаһаайыстыбаҕа уонна электричество уотунан хааччыйыыга кыһалҕалар баалларын эттилэр.
Саҥа «Сунтаар — Ньурба» хайысханан үрдүк күүрүүлээх электричество уотун биэрэр линия тутуутун туһунан ОДьКХ уонна энергетикэ миниистирэ Вячеслав Емельянов кэпсээтэ, суруйар СИА.
«2023 сылга «Сунтаар — Ньурба» хайысханан үрдүк күүрүүлээх электричество уотун биэрэр линия подстанциялаах тутуллуоҕа, Ньурбаҕа. Билигин чинчийэр үлэлэр бүтэн эрэллэр, муус устарга бэдэрээтттир тэрилтэни булууга куонкурус буолуоҕа. Онтон тутуу саҕаланыаҕа. 2025 эбийиэк тутуллан бүтүөхтээх. Билигин баар 104 линия саппааска хаалыаҕа», — диэтэ миниистир.
Вячеслав Емельянов эппитинэн, бырайыак олоххо киирдэҕинэ өрөспүүбүлүкэҕэ улахан ситиһии буолар. «Электричество уотунан хааччыйыыга региоҥҥа кыһалҕалар бааллар. Бу сылга биһиги 110 кВ күүрүүлээх уот биэрэр линиялары тутууну саҕалыахпыт. Бу илиҥҥи энерго-оройуоннарга, өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтин үс гыммыт биирэ олорор территориятыгар олус туһалаах буолуоҕа», — диэтэ миниистир.
This post was published on 02.03.2023 16:01 16:01