«Сунтаар — Ньурба» хайысханан саҥа уот линията тутуллуоҕа

НВК САХА – Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев уонна «АЛРОСА» хампаанньа генеральнай дириэктэрэ Сергей Иванов 110 кВ күүрүүлээх уот линиятын «Сунтаар — Ньурба» хайысханан тутуу бырайыагын олоххо киллэриигэ бииргэ үлэлээһин туһунан сөбүлэһиигэ илии баттаатылар.


Саҥа үрдүк күүрүүлээх уот линиятын «Сунтаар — Ньурба» хайысханан тутуу сүрүн сыала — бу оройуону быыстала суох үрдүк күүрүүлээх уотунан хааччыйыы уонна Бүлүү өрүс уунан барар уот станциятын оҥорон таһаарар энергиятын көдьүүстээхтик туттуу.

Билигин өрөспүүбүлүкэ бас билиитигэр баар 110 кВ уонна онтон үөһээ күүрүүлээх эбийиэктэри ким бас билиитигэр биэриини быһаарсаллар. Сабаҕаланарынан «Саха сирин уотун ситимин хампаанньата» ХЭТ бэриллиэҕэ.

«Сунтаар — Ньурба — Үөһээ Бүлүү — Бүлүү» хайысханан ыытыллар магистральнай уот линията эргэрэн, кыаҕа тиийбэт буолбутуттан сылтаан саҥаны тутар наада тирээтэ. Онон, билиҥҥитэ, саҥа олорор дьиэлэри, социальнай, культура уонна оҥорон таһаарар тэрилтэлэр эбийиэктэрин үрдүк күүрүүлээх уот линиятыгар холбуур кыах суох.

This post was published on 05.09.2019 13:14 13:14