Сунтаар медиктара көрүллүбүт эбии төлөбүрдэрин ыллылар

Сунтаар улууһугар суһал штаб хамыыһыйата мунньахтаан, күннээҕи туругу иһитиннэрэ олорор. Бу күннэргэ инфекционнай балыыһа үлэһиттэригэр хамнастарыгар эбии төлөбүрдэр бэрилиннилэр.


Бэҕэһээ хамыыһайа мунньаҕар улуус баһылыга Анатолий Григорьев уонна «РНГ» тэрилтэ судаарыстыбаннай уорганнары кытта сибээстэһиигэ менеждерэ уонна «ВостСибСпецМонтаж» хампаанньа дириэктэрин бастакы солбуйааччыта Виктор Денисюк дьаҥы утары охсуһууга инникитин туох үлэни бииргэ ыытыахтаахтарын торумнаатылар.

Инфекционнай отделениеҕа, бүгүҥҥү күн туругунан, КОВИД-19 ыарыы анаалыһа «положительнайы» көрдөрбүт 5 ыарыһах эмтэнэр. 19 киһи үтүөрэн таҕыста. Кинилэр Мииринэй куоракка бардылар. Үтүөрэн тахсааччылар үрүҥ халааттаах аанньалларыгар махталларын этэллэр.

Коронавируһу утары быһаччы охсуһар медиктэргэ хамнастарыгар эбии төлөбүр көрүллүбүтүн, Сунтаар эмчиттэрэ ылбыттар. Бу туһунан инфекционист бырааһа, улуус кылаабынай бырааһын солбуйааччы Марианна Егоровна Корнилова маннык этэр:

— Коронавирустаах дьону кытта быһаччы үлэлэһэ сылдьар быраастар, сиэстэрэлэр, санитаркалар муус устар ыйдааҕы стимилирующай төлөбүрдэрин – регионнааҕы уонна федеральнайдааҕы төлөбүрдэри толору ыллылар. Өссө бу ыйдааҕыны абаанса быһыытынан төлөөтүлэр.

This post was published on 20.05.2020 15:08 15:08