Балаҕан ыйын 7-18 күннэригэр Рио-де-Жанейроҕа ыытыллар паралимпийскай оонньууларга Сунтаар улууһуттан Алёна Дмитриева кыттыаҕа.
Алёна спортивнай олоҕо былырыын ыытыллыбыт өрөспүүбүлүкэтээҕи адаптивнай успуорт көрүҥнэрин спартакиадатыттан саҕаламмыта. Кини билигин Арассыыйа сүүмэрдэммит хамаандатыгар киирэн, Рио-де-Жанейро куоракка паралимпийскай оонньууларга кыттар чиэскэ тигистэ.
Улуус дьаһалтатын аактабай саалатыгар дьаһалта үлэһиттэрэ, тэрилтэ салайааччылара кыттыылаах сүбэ мунньах ыытылынна. Онно Аленаҕа көмө үп-харчы боппуруоһа көрүлүннэ. «Паралимпийскай оонньууларга биһиги улууспутуттан урукку өттүгэр кыттыбыт суоҕа. Аны туран, евро кууруһа үрдээбитин бары билэ-истэ олоробут. Онон, биир эмиэ киэн туттар чаҕылхай кыыспытыгар көмө-тирэх, өйөбүл буолуохха наада», — диэн улуус салалтата этии киллэрдэ.
Улууспут дьаһалтатын, бүддьүөт тэрилтэлэрин үлэһиттэрин биир күннээҕи хамнастастарын биэрэн,Сунтаар биир чаҕылхай ыччата ситиһиилээхтик кыттан кэлэригэр көмөлөһүөххэ диэн сүбэлэстилэр.
This post was published on 20.07.2016 17:03 17:03