Сунтаар кыра нэһилиэктэригэр суотабай сибээс киирэр

Былырыын Дойду дьоно сэлэспэ (телефон) сибээһин туһаналларыгар аналлаах федеральнай тосхолунан 100-500 нэһилиэнньэлээх нэһилиэктэргэ куоластааһын тэриллибитэ, диэн НВК Саха телеграм-ханаал суруйар.

Өрөспүүбүлүкэҕэ 14 нэһилиэк талыллыбытыттан Сунтаар түөрт нэһилиэгэ инники күөҥҥэ тахсыбыта.

Туойдаах, Наахара, Толоон, Тэҥкэ нэһилиэктэргэ улуус барыта турунан сэлэспэ (телефон) сибээһэ киирэригэр күүстээх үлэ ыытыллыбыт.

Бастакынан Туойдаах нэһилиэгэр киирдэ. Баччаҕа диэри суотабай сибээһэ суох олорбут Туойдаахтар үөрүүлэрэ муҥура суох. Маны таһынан быйыл спортивнай былаһаакка тутулунна. Сайын Маар Күөл диэн оттуур ходуһа уутун түһэриитин үлэтэ ыытыллыбыта. Ону тэҥэ кулун тутар ыйга «Ыраас уу» тосхолунан уу таһар көлө ылыллан нэһилиэнньэ абыранна.

This post was published on 27.10.2023 11:03 11:03