Агро хайысханы толору баһылаабыт, сөптөөх үлэни ыытар Куокуну агро хайысхалаах оскуолата сыл ахсын бытархай култуура араас көрүҥүн үүннэрэн бэйэ бородууксуйатынан хааччыналлар. Ону таһынан, иҥэмтиэлээх аһы атыылаан сылга 4 мөлүйүөҥҥэ тиийэ дохуоттанар түгэннэрэ баар. Маны тэҥэ, сылгы үөрүн тутар буоланнар туорахтаах култуураны эмиэ хамаҕатык ыһаллар.
Хаппыстаны 1 галаах сиргэ олордубуттар. Көрөргүт курдук көрүөххэ эриэккэс биир да сыыс ото суох ып-ыраас буолаҕа хаппыыста бэркэ тэппит. Производственнай
үөрэхтээһин маастара Максим Павлов маннык быыччык үүнээйи ымпыгын-чымпыгын үөрэтэн, үлэни сөпкө аттаран быйыл 20-тэн тахса туоннаны ыллылар.
Төһө да уустук, кураан дьыл турдар ыһыктан биэрбэккэ күргүөмнээх үлэ барда. Хортуоска урукку дьыллардааҕар мөлтөһүөр эрээри, син ботуччуну ыллылар.
Айымньылаах оскуола үлэтин-хамнаһын уонна туох кыһалҕалар баалларын улуус баһылыга Анатолий Григорьев билистэ — «Маннык үлэ үөрүйэхтэригэр уһуйар, сатабылы иҥэрэр оскуолалар хайаан да наадалаахтар. Кыра сааһыттан үлэлии үөрэммит оҕо ситиһиилээх буолар».
Сунтарский улус ТГ-ханаал