Сунтаар Хоротугар байыас дьонугар көмөлөстүлэр

Хоро нэһилиэгин олохтоохторо анал байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарын төрөппүттэригэр саҥа хотон тутталларыгар көмөлөстүлэр. Субуотунньукка үгүс дьон кытынна, тыраахтардар үлэлээтилэр. Байыас үлэлиир тэрилтэтин эр дьоно “Норуот күүһэ – көмүөл күүһэ” буоларын көрдөрөн, көхтөөхтүк кытыннылар.

«Сунтаар сонуннара» хаһыат

This post was published on 11.10.2023 11:31 11:31