Хой
Хобу-сиби тарҕатар дьонтон тэйэ тутун.
Оҕус
Суһаллык оҥоһуллуохтаах дьыалалар күүтэллэр. Ону барытын сатыаҥ. Киэһэ сынньалаҥ.
Игирэлэр
Бэйэҕэр саҥаны интэриэһиргиэҥ. Туохха эрэ үөрэнэр кыахтаныаҥ.
Араак
Тус олоххор хараххын «арыйыаххын» наада, суоҕу баар курдук көрөҕүн. Харчы өттүгэр, иэс ылыма, иэс биэримэ.
Хахай
Умнуллубут иэһиҥ, оҥоруохтаах дьыалаҥ күөрэйэн тахсыан сөп.
Кыыс
Бүгүн харчы эйигин таптыыр. Олоҕуҥ бары эйгэтигэр барыта этэҥҥэ.
Ыйааһын
Бэйэҕэр саҥаны атыылаһыаххын баҕарыаҥ: таҥас-сап, араас мал. Биирдэ эмит бэйэни үөрдэр туох да куһаҕана суох.
Скорпион
Дьон баҕар эйигин өйдүө суоҕа, тулуурдаах буолаар. Олус үчүгэй киэһэ кэтэһэр.
Охчут
Үлэҥ таһаарыылаах буолуоҕа, үлэбин таптыыбын диэн өйдүөҕүҥ.
Чубуку
Харчы боппуруоһа сыыһалардаах, кэтэһиилээх-манаһыылаах буолуон сөп. Кимниин эрэ эйэлэһэр, сыһыан олохтуур кыахтаныаҥ.
Күрүлгэн
Күн бастакы аҥара ыһыллаҕас соҕус буолуон сөп. Холкутук сыһыаннас. Эбиэттэн киэһэ орун оннугар түһүө.
Балыктар
Саҥа идеялар кэлиэхтэрэ. Ону барытын оҥоро охсоору тулууруҥ тиийбэт.
Аһаҕас источниктан ылылынна.