Сулустар кэпсииллэр. Тохсунньу 29 күнэ

Хаартыска: СИА

Хой

Күнүҥ уларыйымтыа курдук буолуоҕа. Толкуйдуур уонна сэрэйэн таайар дьоҕургун туһаннаххына, барытын холкутук ааһыаҥ. Үлэҕэр соһуччу үөрүү кэтэһэр.

Оҕус

Бэйэҕэр эрэллээх буолууҥ үчүгэй болҕомтону тардыаҕа, ол эрээри оҥоро сатыы-сатыы кыһаллыма. Үп-харчы өттүгэр сэрэхтээх буол!

Игирэ

Эйигин үгүс кэпсэтии, саҥа информациялар күүтэллэр. Түргэнник быһаарынаргын эрэйэр саҥа этиилэр киириэхтэрин сөп.

Рак

Үлэҕэр аптарытыатыҥ үрдүөҕэ, кэллиэгэлэриҥ куруук өйүүргүн сыаналыахтара. Күүскүн-уоххун харыстаа, сынньанаргын умнума!

Хахай

Болҕомто киинигэр сылдьыаҥ. Онуоха бэйэҥ бэйэҕинэн сырыт. Этиһииттэн туора туттун, сатаан истэр дьоҕургун туһан.

Кыыс

Мунньуллубут соруктаргын толороргор табыгастаах күн үүннэ. Кыра да түгэннэргэ болҕомтоҕун уурдаххына, ситиһиилэниэҥ. Бэйэҕин сайыннарар суолга үктэнэргэр табыгастаах кэм.

Ыйааһын

Эн үтүө өрүтүҥ кэлэктиипкэр үчүгэй эйгэни үөскэтиэҕэ. Ыгылыйыыттан куотуна сатаа. Айылҕаҕа сылдьарыҥ туһалыаҕа.

Скорпион

Ыгар-түүрэр түгэннэр үөскээн ылыахтарын сөп. Тулуурдаах-дьулуурдаах буоллаххына, ону этэҥҥэ аһарыаҥ. Бэйэҥ тус эйгэҕин тэбистэримэ!

Охчут

Эн актыбынайгын, күүһүҥ-уоҕуҥ толору. Таһаарыылаах көрсүһүүнү кэтэс, ол эрээри барытыгар ортотун тутуһан сырыт!

Чубуку

Барыта эн тускар ууруллан-оҥоһуллан иһиэҕэ. Ол эрээри ыгылыйыыгын уҕарыт. Киэһэ бэйэҕэр бириэмэтэ ордорун.

Күрүлгэн

Эн идеяҕын соһуччу сэргээн туруохтара. Уларыйыыга бэлэм, аһаҕас уонна хайдах да түбэлтэҕэ өҕүллүмтүө буола сатаа.

Балыктар

Хаһааҥҥытааҕар да чараас сүрэхтэниэҥ. Биир сөптөөх суолга турунарга хардыыта оҥор уонна туһата суох дьыалалартан туора туттарыҥ ордук.

Аһаҕас источниктан ылылынна.

This post was published on 29.01.2025 09:01 09:01