Хой
Бүгүҥҥү күнүҥ араас элбэх түгэнинэн баай буолуоҕа. Туттарыҥ-хаптарыҥ тэтимириэ, эрчимириэҥ, быһаарыныыларыҥ даҕаны кудуххай буолуохтара. Ону барытын сыалгын ситиһэргэ туһан. Олоххор быһаарыылаах, улахан суолталаах көрсүһүү эбэтэр кэпсэтии күүтэр.
Оҕус
Билсиһиигэ, дьону кытта алтыһарга табыгастаах күн. Абылыыр күүһүҥ элбэх киһини угуйар чинчилээх, онон сулустар хайа да түгэҥҥэ кэтэмэҕэйдээбэккэр сүбэлииллэр. Үлэҕэр, оҥоро сылдьар дьыалаҕар тулууруҥ уонна дьулууруҥ табыллыыга тиэрдиэхтэрэ.
Игирэлэр
Бүгүҥҥүттэн үөрэнэн саҕалыырга, бэйэҕин сайыннарарга хардыы оҥорорго тоҕоостоох күн. Тобуллаҕас толкуй, өйүҥ сытыырхайыыта – үрдүк кэрдиискэ. Ону мүччү тутума. Доруобуйаҕар болҕомтоҕун уур, сынньанар эмиэ наада.
Рак
Үп-харчы боппуруостара кичэллээх сыһыаны ирдииллэр. Улаханы атыылаһаргар эбэтэр харчы элбэтэр ньымаҕа сэрэхтээх буол. Чугас дьонуҥ эн болҕомтоҕор наадыйалларын биллэриэхтэрэ.
Хахай
Бүгүҥҥү күнүҥ эйиэхэ саҥа санаалары, иэйиини саҕыа. Олору олоххо киллэрэргэ хорсун буол. Айар-тутар үлэлээхтэр табыллыаххыт. Чугас дьоҥҥор аһаҕас, истиҥ сыһыаҥҥын биллэр – сыһыаҥҥыт тупсуоҕа.
Кыыс
Бүгүн ис туруккун болҕой. Олус элбэхтэн санаарҕыы, мунчаара сылдьар курдуккун. Онтон босхолонорго сынньанар, уоскуйар сөбүлүүр дьарыккар ылыс.
Ыйааһын
Элбэх киһини кытта алтыһар баҕаҥ күүһүрүө. Ол иһин көрсүһүүлэртэн, тэрээһиҥҥэ ыҥырыылартан аккаастаныма – туһалаах билсии-көрсүү саҥа кыахтары биэриэ. Онон сарсыардаттан тас көстүүгүн тупсаҕайдык оҥоһун – ол, бастатан туран, бэйэҥ настырыанньаҕын көтөҕүө.
Скорпион
Бүгүҥҥү күнүҥ үлэҕэр ситиһиилэри бэлэхтиэ. Сыалгын ситиһэн тэйэр дьоҕуруҥ ханныктаах даҕаны ыарахан соругу эҥкилэ суох толороргор көмө буолуо. Эппиэтинэс ылынартан уонна бастакынан саҕалыыртан букатын куттаныма.
Охчут
Айан күүтэр. Тулалыыр эйгэҕин уларытарга, тугу эрэ саҥаны арыйарга тоҕоостоох кэм. Доҕотторгун кытта көрсүһүү, кэпсэтии эмиэ туһалаах эрэ буолуоҕа.
Чубуку
Дьулууруҥ, үлэһит хаачыстыбаҥ көмөтүнэн үпкүн үлүннэриэҥ. Ол эрээри харчыгын кичэллээхтик былааннаан туттарыҥ ордук. Кэллиэгэлэргин уонна үлэлэһэр дьоҥҥун кытта сыһыаҥҥын бөҕөргөтө сатаа.
Күрүлгэн
Кэпсэтиилэргэ чэпчэкитик кыттыһыаҥ. Бэл уустук майгылаах дии саныыр дьоҥҥун кытта биир тылы булуоҥ. Онон улахан суолталаах боппуруоһу быһаарарга, сибээстэргин бөҕөргөтөргө кыһалын.
Балыктар
Эмоцияларыҥ уонна сэрэйэн билэр дьоҕуруҥ бүгүн быһаарар оруоллаахтар. Ис туруккар, саныыр санааҕар бэрин, сүрэҕиҥ тугу этэрин иһит. Бүгүн бэрт улахан суолталаах быһаарыныыны ылынар түгэн буолуон сөп.
Аһаҕас источниктартан ылылынна.
This post was published on 22.01.2025 08:54 08:54