Сулустар кэпсииллэр. Тохсунньу 20 күнэ

Хаартыска: ЯСИА саайта

Хой

Туруоруммут сыалгын ситиһэргэ дьулуһууҥ уонна түргэн-тарҕан буолууҥ ыарахаттары туоруургар күүс көмө буолуоҕа. Көмө, сүбэ көрдөөтөхтөрүнэ аһаҕас буол диэн сулустар сүбэлииллэр. Киэһэтин доруобуйаҕар болҕомтото уур.

Оҕус

Бугүн профессиональнай таһым үрдүүрүгэр тоҕоостоох күн. Интэриэһинэй этиилэр киириэхтэрэ. Мөккүһүүттэн дьалты туттарга сулустар сүбэлииллэр. Кэпсэтиигэ тулуурдаах буол.

Игирэлэр

Саҥа саҕалааһыныҥ санаабытын курдук буолбакка, элбэх бириэмэни ылыаҕа. Кыра кыһалҕаҕа санааҕын уурума, ыксаама. Киэһэ үлэҥ туһунан умнан, чугас дьоҥҥун кытары кэпсэт диэн сулустар этэллэр.

Араак

Үлэ нэдиэлэтэ саҥа идеялары уонна былааннары ырытыыттан саҕаланыаҕа. Сулустар этэллэринэн эппиэтинэһи сүгэртэн куттаныма. Күүс-уох эбинэргэ киэһэ чуумпу-нуурал сыньалаҥы сүбэлииллэр.

Хахай

Хахайдарга бүгүн таһаарыылаах күн. Тэрээһиннээх буолуугунан уустук боппуруостары быһаарыаҥ. Сөбүлүүр дьарыккынан үлүһүй, дьиэ кэргэҥҥэр болҕомтото уур.

Кыыс

Бүгүн үлэ дьыалатынан уонна тэрээһин сыалларынан түбүктээх күн. Былааннаабыккын барытын ситиэҥ суоҕа. Тулалыыр эйгэҕэр болҕомтото уур. Үлэ кэнниттэн чэбдик салгыҥҥа күүлэйдээ, хаам.

Ыйааһын

Бэйэҥ тус санааҕын этэртэн толлума – эйигин болҕойон истиэхтэрэ. Коллективынан үлэҕэ кыттыс. Айар-тутар дьоҕургар болҕомто уураргар сулустар сүбэлииллэр.

Скорпион

Бу күн көхтөөхтүк саҕаланыаҕа. Кэпсэтиигэ табыллыы, дьыала-куолу ситиһиллиитэ тосхойуоҕа. Былааннаабытыҥ курдук буолбатаҕына, киэҥ көҕүстээх буол диэн сулустар этэллэр.

Охчут

Энергияҕын сыалгын ситиһэргэр туһан. Бииргэ үлэлиир дьонуҥ итэҕэллэригэр киириэҥ. Күүскүн-уоххун сөбүгэр туһан, физическэй хамсаныылары оҥоро сырыт.

Чубуку

Бу күнү стратегическай былааннары ылынарга анаа. Дьоһуннаах быһаарыныыны ылынарга уонна дьыалабыай кэпсэтиигэ тулуурдаахтык сыһыаннаһарыҥ ирдэнэр. Киэһэ өйгүн-санааҕын сааһыланан кинигэтэ аах.

Күрүлгэн

Сыалгын ситиһэргэ ураты, сөптөөх сыһыаны тутус. Креативнай өйүҥ-санааҥ уустук боппуруостары быһаарарга төһүү буолуоҕа. Саҥаны саҕалыырга табыгастаах күн.

Балыктар

Тулууруҥ уонна таайан көрөр дьоҕуруҥ ыарахаттары киэр кыйдыырга туһалыахтара. Дьиэ кэргэҥҥин, чугас доҕотторгун кытары алтыһарга болҕомтото уур.

Аһаҕас источниктартан ылылынна.

This post was published on 20.01.2025 09:01 09:01