Хой
Сулустар хой бэлиэлээхтэргэ күн чаҕылхайдык саҕаланарын эрэннэрэллэр. Эһиги ис туруккут уонна быһаарыныыгыт үрдүккэ турар. Бу барыта суолталаах дьыалаларга ситиһиилэнэргэ, хардыы оҥорорго көмөлөһүөҕэ. Болҕомтолоох буоларгытын умнумаҥ.
Оҕус
Бүгүн эһиэхэ билгэлэнэн көрүүгэ уонна бэйэни сыаналанарга сөптөөх кэм. Бэйэҕит сыаннастаргытын өйдүүргүтүгэр бириэмэтэ ууруҥ. Сөптөөх суолу тутуһарга, хорсун быһаарыылары ылынарга тоҕоостох кэм үүннэ.
Игирэлэр
Бүгүн түргэн быһаарыныы ылынар, булугас өй – эһиги доҕоргут. Сибээс олохтооһуҥҥа уонна толкуйдары атастаһыыга күүскүн түм. Күн иккис аҥарыгар былааннаабыккытын тосту уларытыаххытын сөп, соһуччу иһитиннэриигэ бэлэм буол.
Араак
Бүгүн араак бэлиэлээхтэр сэрэйэн көрөр дьоҕурдара хаһааҥҥытааҕар да күүстээх. Бэйэҕит ис санааҕытыгар уонна кини өйдөтөр, сэрэтэр бэлиэлэригэр итэҕэйиҥ. Дьиэҕитигэр-уоккутугар сынньанан дуоһуйуҥ, бириэмэҕитин чугас дьоҥҥутун кытта атаарыҥ.
Хахай
Бэйэҥ айар үлэн долгунун иилэ хабан ыл. Олус табыгастаах кэм кэллэ. Искусство, айар кут, сурук-бичик нөҥүө бэйэҕин атын өттүгүттэн көрдөр. Ол эрээри, эмискэ үөскээн тахсар ыйытыктарга сөптөөх эппиэт буларга болҕомтоҕун уураргын умнума.
Кыыс
Тэрийиигэ уонна былааннааһыҥҥа болҕомто уурарын эрэйиллэр. Ылсыбыт үлэҕэр тиһэх бытархайыгар тиийэ көрүөҥ-истиэҥ да үтүө түмүккэ тиэрдиэҕэ.
Ыйааһын
Эһиги сатабыллаах кэпсэтиигит уонна кэрэ буолуугут дьоһуннаах кэпсэтиигэ үчүгэйи эрэ түстүөҕэ, туһалааҕы эрэ аҕалыаҕа. Саҥа билсиһиигэ уонна бииргэ үлэлииргэ аһаҕас санаалаах буолуҥ.
Скорпион
Эһигини үүйэ-хаайа тутар санаалары барытын босхолоон, ыытын. Бэйэҕитин арыйарга кыахта биэрин. Дириҥ уонна чаҕылхай долгуйуу күүтүөн сөп.
Охчут
Бүгүн охчуттар бэйэ толкуйун кэҥэтэр кэмнэрэ. Айаҥҥа турунуу, үөрэх эбэтэр саҥа култуураны кытта билсиһии күүтэр. Саҥа өйдөбүллэргэ кэрэхсэбиллээх, болҕомтолоох буоларга бэлэмнэниҥ.
Чубуку
Эһиги үлэни таптыыргыт уонна дьиссипилиинэлээх буолуугут үтүөнэн эрэ эргийиэҕэ, махталлаах буолуоҕа. Сыалгытын ситиһэргэ уһун болдьохтоох бириэмэҕэ бэлэмнэнин.
Күрүлгэн
Күрүлгэн бэлиэлээхтэр нуорманы тутуһарга ыҥырыы быраҕартан долгуйумаҥ, куттанымаҥ. Күүтүллүбэтэх көрсүһүүлэргэ уонна бэрт үчүгэй толкуйтан санаа өрө көтөҕүллэригэр бэлэм буол.
Балыктар
Балык бэлиэлээхтэр өйгүт-санааҕыт муҥутуур тиһэххэ тиийдэ. “Мин” ис эйгэни кытта кэпсэтэргэ, дууһаны сынньатарга бириэмэтэ бул. Атыттарга көмөҕүт дуоһуйууну аҕалыаҕа, сибээскитин бөҕөргөтүө.
Аһаҕас источниктартан ылылынна.
This post was published on 14.01.2025 09:05 09:05