Хой ♈️
Биир санаалаахтаргын кытта күүскүтүн холбуур кэм. Айар-тутар алыптаах күннэр үүммүттэр.
Оҕус ♉️
Салгыы хардыылыырыҥ туһугар ааспыт кэм утахтарын сарбый.
Игирэлэр ♊️
Тапталлааххын кытта сыһыаҥҥын бөҕөргөтөргүн толкуйдаа. Киниэхэ ис санааҕынан арылын.
Араак ♋️
Иэйиигин тылгынан эт. Тулаҕар чахчы туох буола турарын туһунан кэпсэт.
Хахай ♌️
Эн олоххун буортулуу сатыыр киһи баар. Тулалыыр дьоҥҥун өйдөөн көр.
Кыыс ♍️
Куруук эн баҕарбытыҥ курдук буолбат. Онон дьиксинэр санааларгын киэр кыйдаа.
Ыйааһын ♎️
Ис туруккун таҥнан-саптан көрдөр.
Скорпион ♏️
Холонон көрүүлэртэн куттаныма. Ол гынан баран, чугас дьонуҥ өйөбүлүгэр эрэнэргин умнума.
Охчут ♐️
Ис туруккар болҕомтото уур. Билигин сайдарга, кэҥииргэ, уларыйарга бэлэм сылдьаҕын.
Чубуку ♑️
Айар үлэҕэ ылыс. Бэйэҥ тускунан элбэх саҥаны билиэҥ.
Күрүлгэн ♒️
Киэҥ куйаар күүһүгэр эрэн. Суолталаах хардыылары оҥорор күүстээххин умнума.
Балыктар ♓️
Бэйэҕинэн буол. Ис санааҕын сааһылан, бэйэҕин таптаа.
Аһаҕас источниктартан ылылынна
This post was published on 07.11.2024 09:01 09:01