Сулустар кэпсииллэр. Сэтинньи 5 күнэ

Хаартыска: СИА

Хой ♈️

Үчүгэйгэ эрэн уонна ай-тут, үлэлээ-хамсаа.

Оҕус ♉️

Эн кэмиҥ кэлиэҕэ, саарбаҕалаама.

Игирэлэр ♊️

Туох барыта ааһар, эн сүпсүлгэниҥ, аймалҕаныҥ эмиэ ааһыаҕа.

Араак ♋️

Бэйэ икки ардыгыт сыһыаҥҥытыгар сынньалаҥы биллэрии туһалаах буолуон сөп.

Хахай ♌️

Остуоруйаны кэпсээмэ, дьиҥ олоҕунан олор.

Кыыс ♍️

Чиэһинэй буоларга талас, оччоҕуна эйиэхэ илиилэрин уунуохтара.

Ыйааһын ♎️

Быһаарыыны эн бэйэҥ эрэ ылынаҕын. Бэйэ икки ардыгыт сыһыаныгар атыттар орооһоллорун көҥүллээмэ.

Скорпион ♏️

Тапталгар аһаҕастык билинэр кэмиҥ кэлбит.

Охчут ♐️

Ардыгар уоскуйан тохтуу түһүү үчүгэй өрүттээх буолааччы.

Чубуку ♑️

Кутталгын киэр кыйдаа, тапталынан эрэ салайтар.

Күрүлгэн ♒️

Кыайтарбат кыһалҕа диэн суох, барыта бэйэҥ илиигэр.

Балыктар ♓️

Эн тапталыҥ остуоруйата саамай кэрэ буолуоҕа, эрэн.

Аһаҕас источниктартан ылылынна.

This post was published on 05.11.2024 09:01 09:01