12 Ахсынньы 12.12
  • -43°
  • $ 103,27
  • 108,56

Сулустар кэпсииллэр. Сэтинньи 29 күнэ

09:01, 29 ноября
Текст:
Хаартыска: СИА
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Хой♈️

Олоххуттан туһата суох дьону кыйдаа. Эйиэхэ болҕомтолоох, эйигин таптыыр дьону кытта сыһыаны тупсар.

Оҕус♉️

Махталлаах буол. Чуолаан, эйиэхэ көмөлөһөр дьоҥҥо. Чугас дьоҥҥун кытта көрсүһэргэ бириэмэтэ анаа.

Игирэлэр♊️

Кыһалҕаларгар тулалыыр дьоҥҥун буруйдаама. Үтүө санаалаах, аһыныгас буолуу эйигин дьолго тиэрдиэҕэ.

Араак♋️

Барыларыгар үчүгэй буоларгын тохтот. Туохтан да иҥнимэ, көҥүл буол.

Хахай♌️

Дьолуҥ — бэйэҥ илиигэр. Тапталлааҕыҥ баар буолан олоҕуҥ кэрэ. Ол гынан баран, сүрэҕиҥ аҥаарыгар толору санааҕын арыйыма.

Кыыс♍️

Билигин буола турары хайдах да уларыппаккын. Дьылҕаҕар махтан уонна инниҥ хоту хардыылаа. Куһаҕаны санаама, барыта табыллыаҕа.

Ыйааһын♎️

Сөбүлүүр дьыалаҕынан дьарыгыр, ол ситиһиигэ тиэрдиэҕэ. Бэйэҕэр эрэллээх буол, оччоҕо ыарахаттары чэпчэкитик аһарыаҥ.

Скорпион♏️

Доруобуйаҕын көрүнэргин умнума, уоскуйа түс. Кыһалҕалаахпын, ыалдьабын диэн ытаныма.

Охчут♐️

Икки сирэйдэнимэ, бэйэҕинэн буол.

Чубуку♑️

Өскөтүн тугу эмэ сөбүлээбэт буоллаххына, ону уларытарга кыах баар. Интуицияҕар эрэн.

Күрүлгэн♒️

Билигин тугу баҕараргын сүрэҕиҥ билэр. Оттон өйүҥ баҕа санааҥ туоларыгар мэһэйдиир.

Балыктар♓️

Олоҕуҥ тупсар кэмэ. Сынньан, уоскуй, астын.

Аһаҕас источниктан ылылынна

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Ключевые слова