Сулустар кэпсииллэр. Сэтинньи 28 күнэ

Хаартыска: СИА

Хой♈️

Бүгүн олус интэриэһинэй киһини көрсүөҕүҥ. Ол киһи олоххун тосту уларытыан сөп. Онон саҥа билсиһиилэртэн аккаастаныма. Үлэни уларытарга табыгаһа суох кэм.

Оҕус♉️

Бүгүн олоххор соһуччу киирбит киһи дьылҕаҕын тосту уларытыан сөп. Чугас аймахтаргар болҕомтолоох буол.

Игирэлэр♊️

Күүскүн мээнэ бараама. Бүгүн элбэх кыһалҕаны көрсүөххүн сөп. Чэпчэкитэ суох буолуо.

Араак♋️

Бүгүн элбэх сыалы-соругу толоруоххун наада. Онон бириэмэҕин халтайга бараама. Көхтөөх буол, бэйэҕин харыстан.

Хахай♌️

Наадалаах дьыалалары киэһээҥҥи өттүгэр хааллар. Олоххор эйигин таҥнары тардар дьонтон аккаастан. Бэйэҕэр эрэнэн туран инниҥ эрэ диэки хардыылаа. 

Кыыс♍️

Бүгүн элбэҕи былааннаама. Халыҥнык таҥын, доруобуйаҥ мөлтөөбүт.

Ыйааһын♎️

Саҥа саҕалааһыннар ситиһиитэ суох буолуохтара. Онон сатыыр дьыалаларгынан дьарыктан.

Скорпион♏️

Эмоцияларгын кыана тутун. Доруобуйаҕын көрүн, элбэх уута ис, диетаҕа олор.

Охчут♐️

Бэйэҕэр үөрүүнү аҕалар дьарыктары оҥор. Сулустар бүгүн эйиэхэ тугу эрэ этэн биэриэхтэрэ. Ол бэлиэлэри өйдөөн көр.

Чубуку♑️

Туһалаах кэпсэтиилэргэ болҕомтоҕун уур. Элбэх дьыаланы ситиһэргэ сарсыардаттан үлэлээ. Чугас дьонуҥ, коллегаларыҥ көмөлөрүттэн аккаастаныма.

Күрүлгэн♒️

Бүгүн кыра аайыттан кыыһыраҕын. Ньиэрбэҕин харыстаа. Киэһэҕин доҕотторгун кытта атаар. 

Балыктар♓️

Кыыһырсыбыт дьоҥҥун кытта эйэлэс. Бүгүн дьиэҕин хомунарга туһалаах күн. Тапталлааххар болҕомтото уур.

Аһаҕас источниктартан ылылынна

This post was published on 28.11.2024 09:11 09:11