Сулустар кэпсииллэр. Сэтинньи 26 күнэ

Хой♈️

Урукку кыһалҕаларгын быһаарарга табыгастаах күн. Урут билсэ сылдьыбыт доҕоруҥ көмөлөһүөҕэ. Бэрээдэгэ суох дьоҥҥо харчы иэс биэримэ. Айарга-тутарга, спордунан дьарыктанарга табыгастаах күн.

Оҕус♉️

Саҥаны саҕалыырга табыгастаах күн. Дуогабар түһэрсэргэ, саҥа бырайыактары олоххо киллэрэргэ ситиһии күүтэр. Иирсээҥҥэ киирэн биэримэ.

Игирэлэр♊️

Уопсастыбаҕа уларыйыылар бүгүҥҥү былааҥҥар улахан оруолу оонньуохтара, онно бэлэм буол. Саҥа билсиһии тапталга тиэрдиэн сөп.

Араак♋️

Бүгүн барыта үчүгэй өттүгэр уларыйыаҕа. Ханнык баҕар дьыаланы чэпчэкитик толоруоҥ, доҕотторгор көмөлөһүөҥ. Айылҕаҕа сынньанарга, күүлэйдииргэ, спордунан дьарыктанарга табыгастаах күн.

Хахай♌️

Бүгүн болҕомто киинигэр буолуоххут. Саҥа билсиһиилэр күүтэллэр.

Кыыс♍️

Үлэҕэр ситиһии күүтэр. Саҥа сыал-сорук ылынартан аккаастаныма. Сүрэҕин аҥаарыгар болҕомтолоох буол.

Ыйааһын♎️

Бүгүн ситиһиилээх күн. Оттон доруобуйаҕын көрүнэн саҕалыырга табыгаһа суох күн. Онон бу дьыаланы кэнникигэ хааллар.

Скорпион♏️

Айар-тутар Скорпионнарга үчүгэй күн. Саҥа билсиһиилэртэн аккаастаныма.

Охчут♐️

Дьиэ кэргэҥҥин, тапталлааххын кытта сыһыаҥҥа ситиһиилээх күн. Таптыыр киһигин дьоллуоҥ, кини баҕа санаатыгар болҕомтото уур.

Чубуку♑️

Бүгүн былааннарын ыһыллыахтарын сөп. Бэринимэ, бэйэҕэр эрэллээх буол.

Күрүлгэн♒️

Бүгүн ситиһиилээх күн. Дьиэ кэргэҥҥэр болҕомтолоох буол. Саҥаны саҕалыырга табыгастаах күн.

Балыктар♓️

Тыҥааһыннаах күн күүтэр. Үлэҕэр иирсээн тахсыан сөп. Киэһэни дьиэҕэр атаар, сынньан.

Аһаҕас источниктартан ылылынна

This post was published on 26.11.2024 09:01 09:01