Хой
Бу күннэргэ энергияҕыт күүстээҕинэн туһанан улахан, суолталаах былааннаргын олоххо киллэрэр туһунан толкуйдаа.
Оҕус
Боростуойа суох түгэннэргэ чэпчэкитик сыһыаннаһа үөрэн.
Игирэлэр
Үлэҥ уустук боппуруоһун кыыһырбакка, холкутук быһаар. Доруобуйаҕын санаа.
Араак
Доҕотторгор бириэмэтэ аттар.
Хахай
Чугас киһиҥ эн көмөҕөр наадыйар, аккаастаама.
Кыыс
Былааныҥ уларыйыа. Ол эрэн, эн астыныаҥ.
Ыйааһын
Ыраахтан ыалдьыттар кэлиэхтэрин сөп, эбэтэр сонун истиэҥ.
Скорпион
Олус үчүгэй, холку күн күүтэр.
Охчут
Эйиэхэ көмөлөспүт дьону умнума.
Чубуку
Эр дьоҥҥо сулустар сүбэлииллэр: кэрэ аҥардарга сороҕор кытаанах сыһыаннаах курдуккун, кэрэ аҥардар уйан дууһалаахтарын умнума.
Күрүлгэн
Харчыга, докумуоҥҥа сыһыаннаахха сэрэхтээх буол.
Балыктар
Дьиэ кэргэҥҥэр, аймахтаргар тирэх буолаҕын. Бары эйиэхэ эрэнэллэр.
Аһаҕас источниктан ылылынна.





