Сулустар кэпсииллэр. Сэтинньи 15 күнэ

Хаартыска: СИА

Хой♈️

Уруккугун-хойуккугун умун, чэпчэкитик ыыт.

Оҕус♉️

Туохтан да кэмсинимэ. Бүгүн үтэн-анньан көрөн эйигин хаарыйар сытыы тыл-өс киириэн сөп. Онуоха холкугун сүтэримэ.

Игирэлэр♊️

Бэйэ икки ардыгар сыһыаны тупсарар күн. Кыһалыннаххына түргэнник уонна чэпчэкитик табыллыаҕа.

Араак♋️

Эн кимиэхэ даҕаны, туохха даҕаны эбэһээтэлистибэҥ суох. Күн хас биирдии мүнүүтэтинэн дуоһуй, бэйэҥ тускар элбэҕи иҥэрин.

Хахай♌️

Кыра аайы санаарҕаама.

Кыыс♍️

Атын дьон санаатыгар болҕомтоҕун уурума.

Ыйааһын♎️

Эн баҕарбыккын барытын ситиһэр кыахтааххын, ону туһан.

Скорпион♏️

Бэйэҕэр сынньалаҥна биллэр. Чугас дьоҥҥун кытта “ысыһар” кутталлааххын. Эн санааҥ кинилэр санааларын кытта сөп түбэһимиэн сөп.

Охчут♐️

Бүгүн сөбүлээбиккин барытын атыылаһар, баар оҥорор баламат санаа киириэн сөп. Кыаҕыҥ таһынан барыма.

Чубуку♑️

Куһаҕан санааны тута суох гынан ис. Бүгүн үчүгэй эрэ иэйиилэри иҥэрин.

Күрүлгэн♒️

Ытаныма, барыга бары чиэһинэйдик, аһаҕастык сыһыаннас.

Балыктар♓️

Хаһан эрэ сыыһа-халты быһыыламмыккын санаан кэлиэххин сөп. Баттыыр санааҕын бырах, үчүгэйи эрэ ыралан.

Аһаҕас источниктартан ылылынна.

This post was published on 15.11.2024 09:02 09:02