Сулустар кэпсииллэр. Сэтинньи 11 күнэ

Хаартыска: ЯСИА саайта

Хой♈️

Кэпсэтэр киһигин болҕойон иһит, наадалаах информацияны куоттаран кэбиһиэххин сөп. Итиэннэ бу күн саҥа бырайыактары саҕалыырга наадалаах дьону кытта билсэргэ тоҕоостоох.

Оҕус♉️

Тэрилтэҥ салайааччыларын кытары кэпсэтэртэн куттаныма. Бүгүн тус сыһыаны сайыннарарга үчүгэй күн.

Игирэлэр♊️

Мэһэйдэртэн куттаммакка дьолгун батыс.

Араак♋️

Уһугун уонна олоххо төнүн. Бүгүн ыһыллыаххын сөп, бэйэҕин хонтуруоллан, айдааҥҥа кыттыһыма.

Хахай♌️

Аттыгар баар чугас киһигэр махтан.

Кыыс♍️

Сөптөөх суолунан баран иһэҕин, ону өйдөө.

Ыйааһын♎️

Дьиэ кэргэҥҥин, доҕотторгун кытта сыһыаҥҥын бөҕөргөт.

Скорпион♏️

Чэпчэкини батыһыма, сөптөөҕү, наадалааҕы оҥор.

Охчут♐️

Саҥа билсиһиилэргэ, саҥа дьоҥҥо сүрэххин арый. Бэйэҕин сайыннарыыга, эбии үөрэхтээһиҥҥэ болҕомтоҕун уур.

Чубуку♑️

Ким да эйиэнэ буолбатах, эйэнэн арахсарга үөрэн.

Күрүлгэн♒️

Баҕа санааҥ туоларыгар көмөлөспүт дьоҥҥо махтан.

Балыктар♓️

Бэйэҥ абылыыр күүскүн бэрэбиэркэлээ. Оччоҕуна олоҕуҥ дьиктинэн туолуо. Бу күн медитацияҕа уонна ис кыахтарыҥ уһуктарыгар табыгастаах күн.

Аһаҕас источниктартан ылылынна.

This post was published on 11.11.2024 09:01 09:01