Сулустар кэпсииллэр. От ыйын 29 күнэ

Хаартыска: Саха сирэ саайт

Хой

Олус элбэх кэлиилээх-барыылаах, дьыалалардаах күн буолуоҕа. Ол эрэн эн саамай суолталаахтарын тал. Мээнэҕэ күүскүн бараама.

Оҕус

Санаарҕыыр, ыксыыр түгэннэргэр болҕомтото уур.

Игирэлэр

Күүс, сэниэ бөҕөлөөххүн, ону улахан суолталаахха эрэ анаа. Саҥа үөрэххэ эбэтэр айаҥҥа сыһыаннаах этии киириэҕэ. Аккаастана сатаама. Ол эрэн докумуон толорорго болҕомтолоох буолаар.

Араак

Эмоцияҥ ис туруккун ыһыан сөп. Бүгүн соҕотох буола сатаа: толкуйдаа, былааннаа. Киэһэ саҥа идеялар кэллэхтэринэ сурунаар.

Хахай

Бүгүн лидер талааҥҥын туһан. Дьоҥҥо тугу эмит тиэрдиэххин, иһитиннэриэххин баҕарар буоллаххына, хайаан да хаһыытыахтааххын диэн буолбатах. Эйигиттэн муударай быһаарыныылары күүтэллэр.

Кыыс

Барытын хонтуруоллаама, көннөрүмэ. Бэйэҕэр сыһыаннаахха эрэ болҕомтоҕун хатаа.

Ыйааһын

Сарсыардаҥ саарбахтааһынтан саҕаланыаҕа. Дьону кытта сыһыаҥҥар дьыалабыайдык буолбакка сылаастык кэпсэтэ сатаа.

Скорпион

Боростуойа суох күн. Ол эрэн үчүгэй түмүктээх буолуоҕа. Кыраттан ньиэрбинэйдиэххин сөп, туттунаар. Үлэҕэр ыксаабакка, биир биир хардыынан оҥор. Тус олоххор ультиматум туруорума, таптыыр киһигин өйдүү сатаа.

Охчут

Дьиссипилиинэни тутустаххына эрэ санаабыккын ситиһиэҥ. Былааным хоту барбата диэн ыксаама, саҥа хайысханы арыйыаҥ. Саҥа интэриэһинэй билсиһии күүтэр.

Чубуку

Сылайбыт буоллаххына бэйэҕин буруйданыма. Улаханы сарсыҥҥыга көһөр, бүгүн кыраны, күннээҕини хааллар. Киэһэ салгыҥҥа бириэмэтэ атаар.

Күрүлгэн

Саарбахтыыр буоллаххына дьоҥҥо тугу да эрэннэримэ.

Балыктар

Көмө көрдөстөхтөрүнэ, бэйэҕэр ночоото суох буоллаҕына көмөлөс.

Аһаҕас источниктан ылылынна.

This post was published on 29.07.2025 08:45 08:45