Сулустар кэпсииллэр. Муус устар 24 күнэ

Хаартыска: Саха сирэ саайт

Хой

Бүгүн олус күүстээх энергиялааххын, тугу санаабыккын барытын кыайыаҥ

Оҕус

Дьону үтүктүбэккэ бэйэҥ суолгун булунарыҥ ордук

Игирэлэр

Оруна суох дьыалаларга болҕомтоҕун, бириэмэҕин бараама. Саамай наадалааххынан эрэ дьарыктан

Араак

Ситиһиилэргиттэн уоскуйаҥҥын тохтоон хаалыма. Үлэҥ эйгэтигэр салгыы сайдарга чопчу былаанна оҥоһун

Хахай

Үп-харчы өттүгэр олус сэрэхтээх буолаар: барытын суоттаан, былааннаан туттаар

Кыыс

Күүстээхтик үлэлииргэ бэлэмҥин, элбэххэ аралдьыйбакка, саамай кылаабынайга тохтооҥҥун, тиһэҕэр тириэрдэргэ кыһалын

Ыйааһын

Урбаанынан дьарыктанар эбэтэр барыстарын куоттарыан баҕарбаттарга үтүө түгэн тосхойуон сөп. Кэтэспэтэх өттүгүтүттэн харчы эбиллиэҕэ

Скорпион

Бүгүн өйүҥ-санааҥ, төбөҥ олус атыннык, күүстээхтик үлэлиир. Онон бу күнү куоттарбакка стратегияҕын, былааннаргын толкуйдаа уонна хайаан да сурун

Охчут

Бүгүн эн идеяларыҥ, бырайыактарыҥ ураты ситиһиилээх буолуохтара, дьон истиэҕэ уонна ылыныаҕа

Чубуку

Бүгүҥҥү күнүҥ аныгы технологияны, новаторскай идеялары, уопсайынан инникини кытта сибээстээх буолуон сөп. Ким эрэ үлэтинэн инник тиэмэнэн дьарыгырыа, ким эрэ инник үлэнэн дьарыктанар киһини көрсүөн сөп

Күрүлгэн

Олоххор биир кэрдиис түмүктэнэн, саҥа балаһа саҕаланан эрэр. Билигин ыарахан курдук буолуо, ол эрээри сотору уоскуйуоҥ уонна барыта этэҥҥэ буолуо

Балыктар

Олус ыксаан быһаарыныыны ылыма бүгүн, инникитин кэмсиниэххин сөп

This post was published on 24.04.2025 09:09 09:09