Сулустар кэпсииллэр. Муус устар 15 күнэ

Хаартыска: СИА

Хой

Хорсун санааҥ ситиһиигэ аҕалыа

Оҕус

Харчыгар болҕомтото уур. Киэһэ чугас дьоҥҥун кытта бииргэ чэйдээҥ, сыһыаҥҥыт тупсуоҕа

Игирэлэр

Саҥа интэриэһинэй билсиһиилэр күүтэллэр. Сыһыан олохтуур кыаххын мүччү тутума

Араак

Араак бэлиэлээхтэр үксүлэрэ интроверт буолан, соҕотох хаалан күүс-уох эбинэллэр

Хахай

Хамаанданан үлэ олус табыллыаҕа, астык түмүктээх буолуоҕа

Кыыс

Бүгүн чугас дьонуҥ эн өйөбүлгэр наадыйаллар.

Ыйааһын

Бүгүн дьону кытта алтыһыы маҥнайгы миэстэҕэ туруоҕа. Көһүппэтэх сонуҥҥун истэргэ бэлэм буол дииллэр сулустар

Скорпион

Үп-харчы өттүгэр болҕомтото уураар. Эмоцияҕын хонтуруоллан.

Охчут

Бүгүҥҥү күнүҥ олус актыыбынай. Салайар талааҥҥын көрдөр. Дьоҥҥо итэҕэйэн үлэ түҥэтэргин умнума

Чубуку

Бытаара түс, үлэҕэр барытын умнан туран умса түһүмэ диэн сүбэлииллэр сулустар

Күрүлгэн

Дьону кытта сибээһин улахан оруолу оонньуоҕа. Билэр дьонуҥ көмөлөһүөхтэрэ

Балыктар

Кэллиэгэлэриҥ сыралаах үлэҕин сыаналыахтара

Аһаҕас источниктан ылылынна

This post was published on 15.04.2025 09:17 09:17