Сулустар кэпсииллэр. Кулун тутар 17 күнэ

Хаартыска: СИА

Хой

Мөккүhэҥҥин тугу да туhаныаҥ суоҕа. Бэйэҕин хонтуруоллан диэн сулустар сүбэлииллэр.

Оҕус

Болҕомтолоох буол. Ким эмит эн идеяҕынан туhаныан сөп. Кэлин кэмсиниэххин сөп.

Игирэлэр

Үлэлиир-хамсыыр туругуҥ суох курдук. Онон сынньалаҥы сулустар сүбэлииллэр.

Араак

Күнүҥ үтүө түмүктээх буолуон баҕарар буоллаххына, сарсыардаттан эккин-сииҥҥин эрчий, тэтимнээх ырыата иhит. Күн устата интэриэhинэй дьону кытта кэпсэт.

Хахай

Бүгүн элбэҕи үлэлии сатаама, атын күҥҥэ көhөр. Оннук ордук буолуо. Үлэ ханна да куотуо суоҕа.

Кыыс

Бэйэҕин бастакы миэстэҕэ туруор. Бу күнү бэйэҕэр эрэ анаа. Улахан эппиэтинэстээх бырайыактары бу күн ылсыма диэн сүбэлииллэр сулустар.

Ыйааһын

Элбэх харчыны хайдах үлэлээн булабын диэн толкуйдуугун. Ол эрэн ити былааннары олоххо киллэрэ охсорго ыксаама.

Скорпион

Эйигин бүгүн элбэх үлэ күүтэр. Чаҕыйыма, барытын толору кыайар кыахтааххын.

Охчут

Туоххун эмэ сүтэриэххин сөп. Онон болҕомтолоох буол диэн сулустар этэллэр. Тугум да табыллыбат дии санаатаххына, эккин-сииҥҥин эрчий уонна сынньан диэн этэллэр сулустар.

Чубуку

Бүгүн кэтэспэтэх өттүгүттэн туох эмит буолуон сөп: көрсөр дьонуҥ, араас быhаарыллар боппуруостар, түгэннэр. Эрдэ былааннаабытыҥ курдук буолуо суоҕа. Ол эн олоххор сырдык сүүрээн киллэриэҕэ.

Күрүлгэн

Эйигин тулалыыр дьон бүгүн солуута суох буолуохтарын сөп. Тулуурдаах буол диэн сулустар этэллэр.

Балыктар

Бүгүн хойутуоххун сөп. Онон тэрээhиннээх буол.

Аһаҕас источниктан ылылынна.

This post was published on 17.03.2025 09:04 09:04