Хой
Уопуттаах коллегаларыҥ үлэҕэр саҥа сүүрээн киллэрэргэр көмелөһүөхтэрэ.
Оҕус
Сарсыарда ыксыырыҥ наадата суох. Холкутук хомунан, былааннанан дьиэҕиттэн таҕыс.
Игирэлэр
Үлэҕин уонна тус олоххун дьүөрэлии тут.
Араак
Үлэҕэр былааныҥ уларыйыан сөп.
Хахай
Докумуоннаргын ымпыгар-чымпыгар тиийэ үчүгэйдик бэрэбиэркэлээр.
Кыыс
Тылгар-өскөр сэрэнээр, наадата суоҕу саҥаран кэбиһиэххин сөп.
Ыйааһын
Бүгүҥҥү күн эйэлэһэргэ, сыһыан олохтуурга көмөлөһүөҕэ.
Скорпион
Бытаара түһэриҥ, уоскуйарыҥ наада.
Охчут
Чугас киһиҥ эн болҕомтоҕор наадыйар, көмө көрдөөтөҕүнэ аккаастаама.
Чубуку
Бүппэтэх, мунньуллубут үлэҕин тиһэҕэр тириэрдэргэр табыгастаах.
Күрүлгэн
Үлэҕэр эйигин олус сыаналыыллар.
Балыктар
Олус сылайбыт курдуккун, сэниэҥ эстибит. Куруук төлөпүөнү көрөргүн, интернетинэн туттаргын аҕыйатарыҥ буоллар.
Аһаҕас источниктан ылылынна.