Хой
Эмискэ санаабыккынан буолбакка, эрдэттэн толкуйдаан былааннаабытыҥ курдук оҥор.
Оҕус
Оҥоһуллубакка хаалбыт эбээһинэстэриҥ күөрэйэн кэлиэхтэрин сөп. Ону толордоххуна атырдьах ыйыгар бэлэм буолаҕын.
Игирэлэр
Дьону кытта алтыһыы үгэнигэр сылдьаҕын. Онно аралдьыйан хаалыаххын сөп. Соруктаргын болҕомтоҕор тута сырыт.
Араак
Эккин-сииҥҥин кэтээ, организмҥын иһит. Доруобуйаҕын, эрэһиимҥин, аскын көрүнэн саҕалыырга сөптөөх күн. Күн иккис аҥарыгар дьиэ кэргэҥҥиттэн үчүгэй сонун истиэҥ.
Хахай
Атырдьах ыйыгар олус элбэҕи былааннаама. Барытыгар үчүгэй түмүгү ситиһиэҥ суоҕа. Онон саамай суолталааҕы эрэ былааҥҥар киллэр.
Кыыс
Киэһэ кэтэспэтэх өттүгүттэн үөрүүлээх сонун истиэҥ.
Ыйааһын
Дьиэ кэргэҥҥэр быһаарыллар боппуруостар болҕомтоҕун ылыахтара. Бу күн сүрэҕиҥ этэрин уонна өйгүн дьүөрэлиэххин наада. Барыларыгар үчүгэй буолар кыаллыбат.
Скорпион
Эргэ, туттуллубат малы бырах, ыарахан санааны ыыт. Олоххор саҥа сүүрээн киирэригэр миэстэтэ таһаар.
Охчут
Күн бастакы аҥара бытаан соҕус буолуон сөп. Ыксаама. Ол оннугар туһалаах дьыалага бириэмэҕин ыыт. Эбиэттэн киэһэ сэниэлэниэҥ.
Чубуку
Үлэҕэр эн стратегия оҥорор сатабылгын, сытыы өйгүн сыаналыахтара. Киэһэ хайаан да үлэҕин умнан сынньанарга үөрэн.
Күрүлгэн
Бүгүн хайаан даҕаны соҕотох хаалаҥҥын сэлэспэтэ, тэлэбииһэрэ суох өйгүн сынньат. Саатар биир чаас устата.
Балыктар
Элбэҕи быһаарар суолталаах кэпсэтии күүтэр.
Аһаҕас источниктан ылылынна.