Сулустар кэпсииллэр. Алтынньы 29 күнэ

Хаартыска: СИА

♈️Хой

Уруккуттан өйдөспөт киһигин кытта “киирсэн” ылыаххын сөп. Оннук дьонтон тэйиччи туттар, алтыһыыттан ыраах сылдьар ордук. Олорор сириҥ устун хаамыы, дьаарбайыы сэргэхситиэ. Тапсар дьоҥҥун кытта көрсөн эбэтэр саҥа дьону кытта билсэн, настырыанньаҥ көтөҕүллүө.

♉️Оҕус

Күүтүллүбэтэх өттүттэн көрсүһүүлэр үөрдүөхтэрэ. Сүрэххэр чугас киһигин кытта сыһыан лаппа тупсуоҕа. Соһуччу айаҥҥа турунуу ситиһиини тосхойор. Онон куотунума.

♊️Игирэ

Бэйэҕэр эрэллээххин, салалта, алтыһар эйгэҥ дьоно эйигин сыаналыыллар. Кэрэхсэбиллээх этиилэр киириэхтэрэ. Онуоха ыксаабакка, үчүгэйдик толкуйданаар. Сулумах Игирэлэр тус олохторун уларытыахтарын наада.

♋️Рак

Хаамыыгын толкуйданан оҥороруҥ ордук. Оннук дьаһаннаххына, соруккун ситиһиэҥ, өрө көтөҕүллүөҥ даҕаны. Чугас дьоҥҥор сымнаҕастык сыһыаннас. Ол кэлиҥҥи алтыһыыга далаһа буолуоҕа.

♌️Хахай

Биир дьыаланы тутуһар дьонуҥ, кэллиэгэлэриҥ кыралаан хатыйыылара баар. Аҥаар кырыы итэҕэйимэ, ылбычча киирэн биэримэ. Тус олоххор этэҥҥэ. Инники былааннары торумнуурга табыгастаах күн.

♍️Кыыс

Саҥа толкуй, былаан бөҕөтө эрээри, олоххо киллэрэргэ ыксаама. Өссө үөрэтэ, ааҕа түһүөххүн наада. Аралдьытар сиргэ сылдьан, сэргэхсий, санааҕын сааһылаа. Былааныҥ олоххо киириэ. 

♎️Ыйааһын

Хамаандаҕа үлэҥ табыллар. Хаамыыгын толкуйдаа. Тус олоххор хаһааҥҥытааҕар даҕаны үчүгэй кэм. Тапталлааххыттан туох эрэ бэлэх эбэтэр үчүгэй сонун кэлиэ. 

♏️Скорпион

Тугу да этэ, кырдьыккын туоһулуу сатаама. Эн этииҥ сөптөөҕүн дьон сотору өйдүөҕэ. Үчүгэй кэм кэлиэр диэри күлүккэ саһар ордук. Киэһэҕин сынньалаҥҥа анаа.

♐️Охчут

Дьыалабыай кэпсэтиигэ табыгастаах күн. Интэриэһинэй этиилэр киириэхтэрин сөп. Кэллиэгэлэргин, чугас дьоҥҥун кытта алтыһан кинилэр санааларын болҕой. Эн сүтэрэриҥ суох. 

♑️Чубуку

Күүрүүлээх үлэни уйаҕын, тулуйаҕын. Чуҥкуйарга бириэмэҥ суох. Өрөмүөнүнэн эбэтэр дьиэҕэ-уокка туһалаах дьыаланан дьарыктанарга үчүгэй күн. Дьиэҥ иһигэр, доҕотторгун кытта буолар бырааһынньыктар бэркэ табыллыахтара.

♒️Күрүлгэн

Хорсуннук сорукта туруорун. Онтон төһө ыраатарыҥ тутулуктаах. Эбии үлэни, эппиэтинэһи ылынартан толлума. Инники күөҥҥэ сылдьаргын сөбүлүөҥ. 

♓️Балыктар

Туруоруммут сыалгар айаҥҥар ким да мэһэйдэспэт. Тус олоххор, үлэҕэр даҕаны баар кыһалҕалары быһаарарга табыгастаах күн. Арай харчыгын сэрэхтээхтик тутун. 

Аһаҕас источниктартан ылылынна.

This post was published on 29.10.2024 09:03 09:03