Сулустар кэпсииллэр. Ахсынньы 6 күнэ

Хаартыска: СИА

Хой♈️

Бүгүн табыллыы күнэ. Ону мүччү тутума. Элбэх күүскүн-уоххун биэрбит дьыалаҥ ситиһиилээхтик түмүктэниэ, ол туһугар түргэнник хамсан. Доҕотторуҥ уонна урут билсэ сылдьыбыт дьонуҥ эн идеяларгын өйүөхтэр.

Оҕус♉️

Күн саҕаланыыта саҥа толкуйдар киириэхтэрэ, онно болҕомтоҕун уур. Тулалыыр дьонуҥ тутатына өйүөхтэрэ суоҕа, онон толкуйдаабыккын тобуларга соҕотох хамсанан, ситиһиигэ тиийиэҥ. Уруккуттан билсэр дьонуҥ үчүгэй сонуннарынан үөрдүөхтэрэ.

Игирэлэр♊️

Баҕарбыккын барытын тутатына баар оҥоро сатаама. Элбэх күүһү-уоҕу барааҥҥын, үчүгэй түмүккэ тиийиэҥ суоҕа. Күн бастакы аҥаарыгар туһалаах дьарыктарга болҕомтоҕун уур, туһата суохха аралдьыйыма.

Араак♋️

Дьыаларгын күн иккис аҥаарыгар хаалларыма, барытын эбиэт иннинэ бүтэрэ сатаа. Үчүгэй идеялар киириэхтэрэ, ону чугас дьонуҥ, доҕотторуҥ өйүөхтэрэ, сүбэ-ама биэриэхтэрэ.

Хахай♌️

Атын дьон дьыалатыгар кыттыһарга бэлэм буол. Тулалыыр дьонуҥ эйигиттэн сүбэ-ама, көмө көрдүөхтэрэ. Бэйэҥ дьыалаларгын билигин туора уур, бу – кыһалҕалары үөскэтиэ суоҕа.

Кыыс♍️

Бу күнү наар оҥорор, үчүгэйдик билэр дьыалаларгыттан саҕалаа. Барыта түргэнник табыллар. Бүгүн бэйэҕитин көҥүллүк уонна эрэллээхтик сананыаххыт.

Ыйааһын♎️

Урукку үөрүйэхтэрин бүгүн туһалыахтара. Билиигит-көрүүгүт, уопуккут көмөлөрүнэн үтүө түмүктэри ситиһиэххит. Ураты көрсүһүүлэр, интэриэһинэй түгэннэр сыалгытын ситиһэргэ саҥа толкуйдарга тиэрдиэхтэрэ.

Скорпион♏️

Бириэмэҕин халтайга бараама. Атын дьонтон көмөнү эрэйимэ, бүгүн соҕотоҕун элбэҕи ситиһиэҥ. Саҥа саҕалааһыннарга бастакы хардыылар ситиһиилээх буолуохтара. Күн ортото юридическай боппуруостары быһаарарга табыгастаах.

Охчут♐️

Күн саҕаланыыта тыҥааһыннаах түгэннэр үөскээн ылыахтара, ол гынан баран куттаныма, санаарҕаама, барыта табыллыаҕа. Бүгүн туһалаах билсиһиилэр күүтэллэр.

Чубуку♑️

Суһал соруктары толорор туһугар сорох дьыалаларгын кэнникигэ хааллар. Былааннаабытын курдук табыллыбат буоллаҕына, кыйаханыма, кыыһырыма. Эн кыра да сыыһата суох, барытын ситиһиэҥ.

Күрүлгэн♒️

Ситиһиигэ тиэрдибэти барытын ыытан кэбис. Күн саҕаланыыта кыра өйдөспөт буолуу тахсыан сөп, онтон сылтаан былаанын ыһыллыаҕа. Ол гынан баран, бу түгэн улахан проблемаҕа тиэрдиэ суоҕа.

Балыктар♓️

Сүдү суолталаах дьыалаларгын кэнникигэ хаалларыма, төһөнөн эрдэ ылсыаҥ, соччонон ситиһиилээх буолуо. Уруккуттан билсэр дьонуҥ сүбэнэн көмөлөһүөхтэрэ. Коллегаларгын кытта сыһыаҥҥа болҕомтото уур.

Аһаҕас источниктан ылылынна.

This post was published on 06.12.2024 09:07 09:07