Хой♈️
Общественнай үлэлэри ылынаргын тохтот. Тус дьыалаларгар болҕомтото уур. Коллегаларын үлэлэрин бэйэҕэр ылыныма.
Оҕус♉️
Бүгүҥҥү күн ситиһиилээх буолуо. Ол эрээри үп-харчы өттүгэр сэрэхтээх буол. Чугас киһиҥ харчы чааһыгар кыһалҕаны үөскэтиэн сөп.
Игирэлэр♊️
Сүдү суолталаах дьыалалары оҥорорго табыгаһа суох күн. Ол оннугар бириэмэҕин дьиэҕэр атаар, дьиэлээхтэргэр болҕомтото уур, кыһалҕаларын быһаарарга көмөлөс.
Араак♋️
Билигин чугас дьоҥҥун кытта сыһыанын тупсан турар кэмэ, ону буортулаама. Саҥа дьыллааҕы бырааһынньыктары аймахтаргын кытта көрүс, оччоҕо интэриэһинэй, ураты, көрдөөх буолуо диэн сулустар сүбэлииллэр.
Хахай♌️
Улаханнык сылайбыккын. Ол гынан баран, үлэҕэр эбээһинэстэргин толоруоххун наада, оттон дьиэҕэр үлэни барытын умнан сынньан. Инникитин сылайан охтубат туһугар, үчүгэйдик сынньанар кэм кэлбит.
Кыыс♍️
Бүгүн таһаарыылаах күн буолуо. Уруккуттан мунньулла сылдьыбыт дьыалалар ситиһиилээхтик быһаарыллыахтара. Үпкүн-харчыгын өйдөөн-төйдөөн туһан. Ороскуотун элбиир, онтон дохуотун… Эбии дохуот киллэрэр ньымата толкуйдаа.
Ыйааһын♎️
Тус олоххор үчүгэй кэм саҕаламмыт. Тапталлааххар болҕомтоҕун уонна кыһамньыгын анаа. Эбии үп кэлиэн сөп, ол туһугар туох эмэ саҥаҕа үөрэн.
Скорпион♏️
Үлэҕэр тыҥааһыннаах кэм. Салайааччыгын кытта этиһиэххин сөп. Бу балаһыанньаттан тахсарга тулуурдаах буол.
Охчут♐️
Ситиһиилээх күн күүтэр. Дьиэҕэр үчүгэй соһуччу бэлэх күүтүөҕэ. Дьиэлээхтэргин кытта Саҥа дьыллааҕы өрөбүллэри хайдах атаараргытын былааннааҥ.
Чубуку♑️
Ыарахан күн. Үлэҕэр өйдөспөт буолуу тахсыаҕа, элбэх ниэрбэ бараныаҕа. Дьиэ кэргэҥҥэр эмиэ барыта үчүгэй буолбатах. Быраапкын дакаастыы сатаама, билигин эн санааҕын ким да истиэн уонна өйдүөн баҕарбат.
Күрүлгэн♒️
Бу сарсыарда күүскэ үлэлииргэ-хамсыырга күүс-уох эбиллиитин билиэҕин. Бу түгэни мүччү тутума. Биир күн иһигэр нэдиэлэтээҕи дьыалаларгын барытын быһаарыаххын сөп.
Балыктар♓️
Бүгүн болҕомтолоох уонна сэрэхтээх буол, ыксаама. Тылгын кыана тутуҥ, салайааччыгын кытта айдаарсыаххын сөп.
Аһаҕас источниктан ылылынна.
This post was published on 03.12.2024 09:01 09:01