Сулустар кэпсииллэр. Ахсынньы 28 күнэ

Хаартыска: СИА

Хой
Бүгүн тугу да сэҥээрбэт курдуккун, үгэс буолбут дьарыктаргар интэриэскин сүтэриэххин сөп. Тулалыыр эйгэҕэр наадыйбаккын, ээл-дээл сыһыаннаһыаҥ. Ол эрээри маннык настарыанньаҕа бэринимэ.

Оҕус
Дьиэ кэргэҥҥэр эйэлээх, дьоллоох олох кэлбит, бары бииргэ сынньанаргытыгар табыгастаах кэм. Саҥа үчүгэй өйдөбүллэри хаалларарга бэртээхэй кыах баар. Өр күүппүт айаҥҥар турун эбэтэр иллэҥ кэмҥин уратытык атаар.

Игирэлэр
Бүгүн күүтүллүбэтэх мэһэйдэр күннээҕи былааҥҥын ыһыахтара. Докумуоннары кытта ситимнээх үлэҕэ ыарахаттары көрсүөххүн сөп диэн сулустар сэрэтэллэр.

Араак
Дьиэҕэ-уокка, үлэҕэ-хамнаска сыһыаннаах быһаарыллыбатах боппуруостар долгутуохтара. Ол гынан баран, онтон санаарҕаама, бу кыһалҕалар – быстах кэмҥэ. Бүгүҥҥү сөптөөх быһаарыныылар дууһа уоскуланыгар тиэрдиэхтэрэ.

Хахай
Бүгүн бытархай соччото суох быһыылар, өйдөспөт түгэннэр тахсыахтарын сөп. Улахан малы-салы атыылаһыма, тоҕо диэтэр, атыыласпыт малыҥ алдьаммыт эбэтэр дуоһуйууну аҕалбат буолуон сөп.

Кыыс
Бүгүн эрдэттэн былааннамматах ороскуоттаргын көрсүөҥ, онон үп-харчы боппуруостарыгар сэрэхтээх буол. Тус олоххор тапталлааххын кытта сыһыаҥҥа бэрэбиэркэ ааһыаҥ.

Ыйааһын
Доруобуйаҕар, аскар-үөлгэр болҕомтолоох буол. Арыылааҕы-сыалааҕы сиэмэ, аһыы утахтартан аккаастан, бурдук астартан сэрэн.

Скорпион
Буола турар түгэннэргэ болҕомтолоох буол. Тоҕо диэтэр, кинилэр инники олоххор улахан оруоллаахтар, онон ээл-дээл сыһыаннаһыма.

Охчут
Бүгүн болҕомто киинигэр буолуоххут, коллегаларын билиниилэрин ылыаххыт. Үп-харчы чааһыгар ситиһии күүтэр: кредит ыларга былааннанар буоллаххына бүгүн саамай сөптөөх күн.

Чубуку
Доруобуйаҕар болҕомтото уур диэн сулустар сүбэлииллэр. Бүгүн хроническай ыарыылар көбүөхтэрэ. Соһуччу эчэйиилэртэн сэрэхтээх буол.

Күрүлгэн
Финансовай табыллыы күүтэр, соһуччу үп-харчы кэлиэҕэ. Ол гынан баран, туһата суохха харчыгын бараама диэн сулустар сүбэлииллэр.

Балыктар
Бүгүн хайаан да сэрэхтээх уонна болҕомтолоох буолуоххун наада. Дьыалабыай кэпсэтиилэри кэнникигэ хааллар, айаҥҥа сэрэхтээх буол.

Аһаҕас источниктартан ылылынна.

This post was published on 28.12.2024 08:32 08:32