27 Ахсынньы 27.12
  • -38°
  • $ 99,23
  • 103,3

Сулустар кэпсииллэр. Ахсынньы 26 күнэ

09:01, 26 декабря
Текст:
Хаартыска: СИА
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Хой
Энергияҥ уонна харизмаҥ үрдүк чыпчаалга сылдьаллар. Бүгүҥҥү күн умнуллубаттык, чаҕылхайдык ааһыаҕа. Туох эрэ саҥаны айан-тутан саҕалыаҥ, бу – элбэх үөрүүнү эрэ буолбакка, дохуоту эмиэ аҕалыаҕа.

Оҕус
Күннээҕи дьиэҥ түбүгэр болҕомтоҕун анаа. Эйэҕэс-сайаҕас, бэйэҕинэн буол диэн сулустар сүбэлииллэр.

Игирэлэр
Соҕотохсуйуоххун, уоскуйуоххун баҕарыаҥ. Оннооҕор чугас дьонуҥ сылаппыт курдуктар. Дьиэлээхтэрин долгуйбаттарын туһугар бу туруккун сөптөөхтүк быһаар.

Араак
Бүгүн өйөбүлү эрэйэр быһыыга-майгыга түбэһиэххин сөп. Доҕотторгуттан, аймахтаргыттан көмө көрдүүртэн кыбыстыма. Кинилэр эйиэхэ үөрэ-көтө көмөлөһүөхтэрэ.

Хахай
Бэйэҕэр эрэллээххин, кириитикэни ылыммаккын. Дьиэлээхтэрин былааннаргын туһата суоҕунан ааҕаллар, онуоха эн сөптөөх тылы булан, кинилэргэ быһаар.

Кыыс
Бүгүн өй үлэтэ табыллыаҕа. Искусство, философия, психология, литература, наука салааларыгар үлэлиир дьоҥҥо ситиһии кэлиэ диэн сулустар билгэлииллэр.

Ыйааһын
Сүпсүктэн уоскуйан, тохтоон ылыаххын наада. Бүгүн медитациялыырга уонна бэйэҥ-бэйэҕэр хаалан санааҕын сааһылыырга табыгастаах күн.

Скорпион
Конфликтан, иирсээнтэн туора тутуҥ диэн сулустар сүбэлииллэр. Өйдөспөт түгэннэри сиэрдээхтик быһаарыс.

Охчут
Бүгүн үлэҕэр болҕомтолоох буол, сыалгын толору ситиһиэҥ. Бизнестээх дьон дьыалаҕыт сайдарын туһугар үлэлээҥ.

Чубуку
Бүгүн үгүс элбэх үчүгэй түгэннэрдээх күн буолуо. Элбэх харчыны барыаххын сөп, ол гынан баран үпкүн өйдөөн-төйдөөн туһан.

Күрүлгэн
Бүгүн көрсүһүүлэри былааннаама, кэнникигэ хааллар. Ис туруккар болҕомтото уур, куһаҕан санааларгын ыытан кэбис.

Балыктар
Бүгүн эйигин үөрүү-көтүү, үчүгэй настарыанньа тулалыыр. Күнүҥ ситиһиилээх буолуо.

Аһаҕас источниктан ылылынна.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Ключевые слова