♈️Хой
Билигин уоскуйуу кэмэ. Ситэ оҥорботох дьыалаларгын түмүктүөн. Туох да саҥаны саҕалаама. Үлэҕэр болҕомтолоох буол. Киэһэ уруккуттан билэр киһиҥ биллиэҕэ.
♉️Оҕус
Кыра уустуктар баар буолуохтарын сөп, онно наадыйыма. Дьон эйиэхэ тардыһыахтара. Саҥа билсиһии күүтэр. Саҥа билсибит киһиҥ эн инники олоххор суолгун ыйан-кэрдэн биэрэр наставник буолуон сөп.
♊️Игирэлэр
Бары дьыалаларга холку буол, чуолаан, атын дьон кыһалҕатын быһаара сылдьан бэйэҕин умнума. Сыалгар-соруккар болҕомтоҕун уур, инникини билигин былааннаама.
♋️Араак
Бүгүн ситиһиилээх күн, саҥа кыахтар аһыллыахтара. Бэйэҕэр эрэллээх буол. Тапталлааххар элбэх болҕомтоҕун анаа, бириэмэҕитин иккиэн атаарыҥ.
♌️Хахай
Сылайаары гыммыккын өйдүөҥ. Онон сынньалаҥна анаа, бэйэҕин үлэлииргэ күһэйимэ. Дьиэ кэргэҥҥиттэн өйөбүллэ көрдөө.
♍️Кыыс
Уруккуттан былааннаабыт санааҕын бүгүн олоххо киллэрэргэ кыах баар. Биир интэриэстээх дьону кытта көрсөргө табыгастаах кэм. Бүгүн ону-маны атыылаһартан туттуҥ, элбэх туһата суохха харчыгын бараама.
♎️Ыйааһын
Эмоцияҥ араас буолан, ниэрбинэйдиэххин, уолуйуоххун сөп. Маннык түгэҥҥэ чугас дьоҥҥуттан өйөбүл наада. Тулалыыр дьоҥҥуттан биир чугас киһиэхэр ис санааҕын кэпсээ.
♏️Скорпион
Кириитикэни дириҥник ылыныма, ол оннугар бу кириитикэҕэ кырдьыгы көрдөө. Киэһэ дьиэ кэргэҥҥит кыһалҕатын быһаарсыҥ, биир уопсай тылы булуоххут.
♐️Охчут
Бүгүн эйигин тулалыыр сүпсүктэн кыйаханыаххын сөп, үлэлииргэр соҕотохсуйуоххун баҕарыаҥ. Эмоцияҥ таһынан баран, биир дьыалаҕа болҕомто уурар табыллыа суоҕа. Онон үрдүк таһаарыылаах күнү күүтүмэ.
♑️Чубуку
Сыалгын-соруккун хайдах ситиһэр туһунан өйдүөҥ. Үп-харчы киириэн сөп. Улахан малы-салы атыылаһарга ситиһиилээх күн.
♒️Күрүлгэн
Сарсыардаттан бытаарбакка күүскэ үлэлээ. Туһалаах көрсүһүү күүтэр. Күн иккис аҥаарыгар сынньанар ордук буолуо.
♓️Балыктар
Ис туруккар болҕомтото уур уонна бэйэҕин харыстан. Кыратык тохтуу түһэн сынньан, күүстэ-уохта ылын.
Аһаҕас источниктан ылылынна.