23 Ахсынньы 23.12
  • -36°
  • $ 102,34
  • 106,54

Сулустар кэпсииллэр. Ахсынньы 23 күнэ

09:08, 23 декабря
Текст:
Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Хой
Күн бастакы аҥарыгар айар-тутар үлэ табыллыаҕа. Чуҥкуйартан, үлэҕэ өрүү биир буолууттан куотуна сатаа.

Оҕус
Олоҕу хайдах баарынан ылын. Сорох дьон эн өйгүн-санааҕын буккуйа сатыыр, бэйэҕин албыннатыма.

Игирэлэр
Кыаххын аһара билинимэ, үлэҕэр сыыһалары оҥоруоххун сөп. Кимиэхэ эмэ мэктиэ тылгын биэрбит буоллаххына, ону толор. Киэһэни чугас дьоҥҥун кытта атаар.

Араак
Интэриэһиргиир дьыалаларгын оҥор, дьон санаатын истимэ. Эн дьарыгын харчы аҕалбат буоллаҕына, дуоһуйууну хайаан да аҕалар. Саҥа билсиһиилэргэ аһаҕас буол.

Хахай
Өйдөммөт түгэннэри быһаарыаххын баҕарыаҥ. Ол гынан баран, ситиһиитэ суох буолуохтара. Сотору хайаан да дьол тосхойуо.

Кыыс
Кими да кэтэспэккэ бэйэҕэр эрэ эрэн, оччоҕо сыалгын ситиһэргэ чэпчэки буолуо. Үлэни кытта сыһыаннаах интэриэһинэй тэрээһиҥҥэ сылдьыаҥ.

Ыйааһын
Настарыанньаҥ сотору-сотору уларыйар, ол эйигин долгутуоҕа. Оннооҕор үчүгэйдик билсэр дьоҥҥуттан кыйаханыаххын сөп. Күн иккис аҥарыгар физическэй уонна айар-тутар дьарыктар туһалаах буолуохтара.

Скорпион
Сыалгын-соруккун түргэнник ситиһиэххин баҕараҕын. Ол гынан баран, кыра да сыыһаттан эрэлгин сүтэрэҕин. Онон бэйэҕэ эрэллээх буол, оччоҕо барыта табыллыа.

Охчут
Бүгүн өйгүн түмэргэр уустук буолуо, коллегаларыҥ, телефон аралдьыта туруохтара. Онтон кыйаханыаххын сөп. Киэһэ чугас дьоҥҥор, оҕолоргор болҕомтоҕун анаа.

Чубуку
Толору ис хоһоонноох, эрчимнээх күн күүтэр. Кылаабынайа сыалгын толорорго дьаныардаах буол. Доҕотторуҥ өйүөхтэрэ, көмөлөһүөхтэрэ.

Күрүлгэн
Барыта табыллыбатаҕын да иһин, син биир сыалгын ситиһиэҥ. Сорох дьон эйигиттэн өйөбүл көрдүөхтэрэ. Дьону-сэргэни кытта кэпсэтэргэ интуицияҕар эрэн.

Балыктар
Кириитикэни ыарыылаахтык ылыныаҥ. Ол эрээри онтон сылтаан иирсээҥҥэ кииримэ. Киэһэ доҕотторгун кытта көрүс.

Аһаҕас источниктан ылылынна.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Ключевые слова