Хой
Бүгүн сүрүн соруктаргар болҕомтото уур, бытархай түгэннэргэ аралдьыйыма. Тулуурдаах уонна болҕомтолоох буоллаххына, салгыы сайдарга интэриэһинэй кыахтары арыйыаҥ.
Оҕус
Бүгүн үтүө көрсүһүүлэр, бэлэхтэр күүтэллэр. Соһуччу сонуннар эн былааҥҥар үчүгэйдик дьайыахтара. Көхтөөх буол.
Игирэлэр
Бу күн мунньуллубут боппуруостары быһаарарга табыгастаах. Коллегаларгын кытта иирсээҥҥэ кииримэ.
Араак
Эйигин бу күн дуоһуйуу күүтэр, элбэх дьону кытта кэпсэтиэҥ. Туһалаах сүбэни ылыаҥ, эбэтэр инникигэр дьоһун суолталаах киһини кытта билсиэҥ.
Хахай
Үп-харчы боппуруостарын быһаарыаҥ. Улахан суумалаах харчыга сэрэхтээх буол. Инники сайдыыгар эбэтэр үөрэххэр инвестиция оҥороргун куттаныма.
Кыыс
Бүгүн эниэргийэ кэлэрин билиэҥ. Бу – урукку дьыаланы бүтэрэргэ тоҕоостоох. Көмө көрдүүртэн куттаныма, тулалыыр дьонуҥ өйүүргэ бэлэм буолуохтара.
Ыйааһын
Эн дипломатическай үөрүйэхтэрин уустук быһыыны-майгыны быһаарыахтара. Тус сыһыаҥҥа болҕомтоҕун уур. Чугас дьонуҥ эн болҕомтоҕун күүтэллэр.
Скорпион
Бүгүн эмоцияларыҥ күүһүрэр күннэрэ, ол эрээри уоскуйа сатаа. Аһара сылайбат туһуттан, үлэни уонна сынньалаҥы сөпкө дьүөрэлээ.
Охчут
Айанныырга уонна саҥа арыйыыларга табыгастаах күн. Кыахтаах буоллаххына инники айаннары, дьарыктары былаанныырга бириэмэтэ анаа.
Чубуку
Тулууру, дьулууру эрэйэр дьыалалары быһаарарга ситиһии күүтэр. Элбэх күүһү бараабыт дьыалаҕыт табыллыа.
Күрүлгэн
Айар-тутар дьоҕуруҥ сайдан турар кэмэ. Уустук соруктары быһаарыаҥ. Киэһэни чугас дьоҥҥун кытта атаар.
Балыктар
Өтө көрүүҥ, билииҥ сайдан турар күнэ. Интуицияҕар эрэн. Бүгүн ыра санааларыҥ туолан саҕалыыр күннэрэ.
Аһаҕас источниктан ылылынна.