♈️Хой
Комфорт зонатыттан тахсан, саҥа саҕахтары чинчий. Куттаныма, ол эрээри хардыыларгын толкуйдаан оҥор.
♉️Оҕус
Бүгүн бэйэҕэр болҕомтото уур, бириэмэтэ анаа. Сөбүлүүр кинигэҕин аах, спа-процедураҕа сырыт, чугас дьоҥҥун кытта бириэмэҕин атаар.
♊️Игирэлэр
Дьону кытта кэпсэтэр, сибээһи олохтуур дьоҕурун сайдар күнэ. Онон сыһыаны тупсарарга, идеяларгын олоххо киллэрэргэ табыгастаах буолуо.
♋️Араак
Интуицияҕар эрэн. Кини эйиэхэ ыарахан да түгэннэргэ сөптөөх суолу ыйан-кэрдэн бириэҕэ.
♌️Хахай
Күлүмнүүр кэмиҥ кэлбит! Ис санааҥ күүстээх өттүн түмэн, тулалыыр дьонуҥ болҕомтотун тарт.
♍️Кыыс
Бүгүн өйгүн түмэн үлэлииргэ ыарахан буолуо. Онон үлэ быыһыгар тохтобулларда оҥорон сынньан, бэйэҕин ыгыма.
♎️Ыйааһын
Дьону кытта сыһыаны бөҕөргөтөргө болҕомтото уур. Атыттары иһит уонна компромиска барарга куттаныма.
♏️Скорпион
Эн иэйииҥ уонна амбицияҥ бүгүн күүһүрэр күннэрэ. Онон бу энергияларын сыалгын-соруккун ситиһэргэ туһалыахтара.
♐️Охчут
Ис туруккун иһиллээ. Кини олоҕуҥ суола хайдах салалларын ыйан-кэрдэн биэриэҕэ.
♑️Чубуку
Кыһалҕаларгын кыра-кыралаан быһаар. Тутатына элбэх түбүгү ылыныма.
♒️Күрүлгэн
Уруккуну ыыт, умун. Хом санааны, кутталы тутума, иннин диэки хардыылаа.
♓️Балыктар
Бүгүн өйгүт-санааҕыт үрдүккэ тахсыаҕа. Ону саҥа идеялары оҥорорго, сыалы-соругу ситиһэргэ туһан.
Аһаҕас источниктартан ылылынна.
This post was published on 19.12.2024 09:15 09:15